Саха сирин быраастара Докучаевскайга үлэлииллэр

Share

Саха сирэ сибээһи тутар Докучаевскай куоратыгар (ДНӨ) быраастар биригээдэлэрэ тиһиктээхтик көмөлөһөр. Билигин онно хирург уонна реаниматолог көмөлөһөн үлэлии сылдьаллар.

Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиигэ Департаменын сүрүн исписэлииһэ Анастасия Эверстова кэпсээтэ.

«Докучаевскайга ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сирин быраастара 12 улахан, 17 кыра эпэрээссийэлэри оҥордулар, 17 байыаннай сулууспалаах эмтэнэр, итинтэн сэттэтэ Саха сириттэн барбыт байыастар«, — диир кини.

А.Эверстова иһитиннэрэринэн, билиҥҥи туругунан 1919 байыаска мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллубут, итинтэн 1443 тастан, 476 — балыыһаҕа эмтэнэллэр. Мэдиссиинэ көмөтүнэн байыаннай дьайыы 222 кыттыылааҕа доруобуйатын чэбдигирдиммит.

Саха сирин быраастара Докучаевскайга нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөллөрүн таһынан, куораттааҕы киин балыыһа исписэлиистэрин кытары үлэҕэ үөрүйэхтэрин атастаһаллар. Маны таһынан бэсиэдэлэр, көрсүһүүлэр, сүбэни-аманы биэриилэр тиһиктээхтик салҕаналлар.

Санатан эттэххэ, Саха сирин быраастара мэдиссиинэ көмөтүн эйэлээх олохтоохторго оҥоро саҥа сиргэ-уокка тиһиктээхтик сылдьаллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

7 минут ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

1 час ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

2 часа ago