Олунньуга Саха сирин быраастара Уһук Илин байыаннай госпиталларыгар үлэлиэхтээхтэрин туһунан бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, брифинг кэмигэр доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.
Бу иннинэ Саха сирин быраастара дойду соҕуруу уобаластарыгар үлэлээбиттэрэ. Тохсунньу 25 күнүгэр Ростов-на-Дону куоракка баар 1602 нүөмэрдээх уокуруктааҕы байыаннай госпиталга миэдик-волонтердар үһүс биригээдэлэрэ барбыта. Биригээдэни 3-с нүөмэрдээх Дьокуускай куораттааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова салайар. Миэдиктэр бөлөхтөрүгэр хирург-быраас, анестезиологтар, травматолог, психотерапевт уонна орто мэдиссиинискэй персонал баар.
Оборона министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин идэтийбит, уопуттаах миэдиктэрин үлэлэрин үрдүктүк сыаналыылларын миниистир Лена Афанасьева бэлиэтээн эттэ.
«Бу үһүс барыы буолар. Биһиги быраастарбытын тута тиийээттэрин кытары отделениеларынан аттарбыттара. Итиэннэ бастакы күннэриттэн дьуһуурустубалаан барбыттара», — диэн миниистир кэпсээтэ.
Миэдиктэр сүрүн үлэлэрин таһынан Саха сириттэн сылдьар биир дойдулаахтарын кытары көрсөллөр, кэпсэтэллэр.
Олунньуттан саҕалаан миэдиктэр үлэлэрэ Уһук Илин Федеральнай уокуругар саҕаланыахтаах. Ол курдук биһиги быраастарбыт Хабаровскайга уонна Владивостокка баран үлэлиэхтэрэ.
Хаартыска https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3342581
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…