Саха сирин быраастара Кировскай куоракка харахха сүүстэн тахса эпэрээссийэни оҥордулар
Саха сирин быраастарын биригээдэлэрэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратын киин балыыһатыгар үлэлэрэ салҕанар. Санатан эттэххэ, Саха сирин быраастара манна алтынньы 16 күнүттэн үлэлииллэр. СӨ Ил Дархана Айсен Николаевтан “узкай” идэлээх исписэлиистэри ыытар туһунан ДНР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ көрдөспүтэ.
Быраастар 1,5 тыһыынча олохтооҕу уонна байыаннай сулууспалааҕы көрдүлэр-иһиттилэр. Ону сэргэ, саҥа рентген-аппараакка чинчийиилэри аан бастаан оҥордулар.
«Мин бүгүн биригээдэ салайааччытын, Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцканы кытары кэпсэтэ сырыттым. Саха сирин быраастара сууккаҕа 12-14 чаас устата үлэлииллэр, күҥҥэ 50-ча киһини көрөллөр. Кинилэргэ киирэргэ улахан уочарат буолла, бэл, ыаллыы сытар куораттартан кэлэллэр”, — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Иван Луцкан:
“Хайыы үйэ 1,5 тыһыынча киһи доруобуйатын көрдүбүт. 500-тан тахса киһи – кардиологтан, 200-тэн тахса киһи неврологтан туһааннаах сүбэни-аманы ылла. 200-чэ эмтэнээччи УЗИ-диагностиканы барда – 324 чинчийии оҥоһулунна. Манна сыһыаран эттэххэ, биир киһи туох эрэ ураты көрдөрүүлээх буоллаҕына, 2-3 чинчийиини барыан сөп. Ону таһынан быраастар уустук диагностаах оҕолору көрдүлэр, сүбэ-ама биэрдилэр”, — диэн иһитиннэрдэ.
Саха сирин быраастара кэлэннэр, Кировскай куорат дьахталлара маммографияҕа аан бастаан көрдөрүнэр кыахтаннылар. Саха сирин быраастара урут туттулла илик саҥа рентген-аппарааты үлэлэттилэр. Урут Кировскайга аппарааты туһанарга үөрэммит рентген-лабораннара суоҕа. Уон күн иһигэр 250-ча маммография оҥоһулунна.
Онтон офтальмологтар 50-чэ киһи хараҕын бэрэбиэркэлээтилэр уонна катарактаны, болоорхой хрусталиктары ыларга, халтаһаны тигэргэ 102 эпэрээссийэни оҥордулар.
“Харахха киирбит эттиктэри ыларга хас да эпэрээссийэ оҥоһулунна, тоҕо диэтэххэ, дьон бааһырар. Биир эмтэнээччиттэн бэл, снаряд эмтэркэйин ыллыбыт”, — диэн Иван Луцкан кэпсээтэ.
Быраастарга улахан наҕараада – эмтэнээччилэр махталлара
“Куттаммакка биһиги куораппытыгар кэлбит, мэдиссиинискэй чинчийиилэри уонна уустук эпэрээссийэлэри оҥорор Саха сирин быраастарыгар улахан махталбын тириэрдэбин”;
“Мин Саха сиригэр төрөөбүтүм, төрөппүттэрбин кытары Алдаҥҥа олорбутум, онтон Донбасс Катык куоратыгар (билиҥҥинэн Шахтерск) көспүппүт. Биир дойдулаахтарбыттан көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүтүм. Улахан махтал, дууһабар чугас Сахам сиригэр эҕэрдэ!”
“Биһиэхэ Саха сириттэн быраастар кэллилэр – олус үчүгэйдэр, болҕомтолоохтор. Бэҕэһээ миэхэ эпэрээссийэ оҥорбуттара, онтон билигин арыый үчүгэйдик көрөр буоллум. Бу сөҕүмэр үлэ!”
«Эпэрээссийэ оҥорбуттарын кэнниттэн олус үчүгэйдик көрөр буоллум. Саха сиригэр, Арассыыйаларга махтал”, — диэн Кировскай олохтоохторо тириэрдэллэр.
Ону таһынан Саха сирин быраастара гуманитарнай көмөнү тириэртилэр. Иван Луцкан улахан махталын Дьокуускай куорат Мэдиссиинэҕэ киинин, Дьокуускай куорат “Суһал көмө” ыстаансыйатын кэлэктииптэригэр тириэртэ. Кинилэр стерилизационнай камералары, мэдиссиинискэй бэрчээккилэри уонна да атын ороскуоттуур матырыйааллары ыытан, Кировскай куоракка баар биир идэлээхтэригэр улахан көмөнү оҥордулар.
Мобильнай биригээдэ састаабыгар өрөспүүбүлүкэ сүрүн мэдиссиинискэй тэрилтэлэриттэн: Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаттан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһаттан, Мииринэй улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыттан уонна Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатыттан: кардиологтар, неврологтар, УЗИ-диагностиктара, офтальмохирурдар, рентген-лабораннар бааллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: