Саха сирин быраастара Кировскайга үлэлэрин түмүктээтилэр

Share

Харах Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан салайааччылаах Саха сирин быраастарын десаана Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлэрин түмүктээтилэр. Исписэлиистэр икки нэдиэлэ устата 163 эпэрээссийэни оҥордулар, икки тыһыынчаттан тахса киһиэхэ сүбэ-ама биэрдилэр. 

Мэдиссиинискэй десаан Кировскай куорат Киин балыыһатыгар үлэлээтэ. Саха сирин исписэлиистэрэ манна 163 эпэрээссийэни оҥордулар, офтальмологтар, кардиологтар, неврологтар барыта 1495 киһиэхэ консультациялаатылар, 540 ультразвуковой уонна 339 маммографическай чинчийиини ыыттылар.

«Доруобуйа харыстабылыгар биһиэхэ өйөбүл наада. Манна каадырдар, лабораторнай чинчийии, препараттар тиийбэттэр. Онон тустаах уонна улахан суолталаах көмө оҥоһулунна», — диэн Кировскай дьаһалтата иһитиннэрэр.

Иван Луцкан этэринэн, манан көмө бүппэт эбит, консультациялар салгыы Кировскайдааҕы балыыһа баазатыгар ыытыллар буолуохтара.

«Куорат олохтоохторун эмтииргэ көмөҕүт, үлэҕитигэр идэтийиигит иһин махтанабыт», — диэн Кировскай дьаһалтатын баһылыга Сергей Ермаков тиэрдэр диэн СИА суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago