Саха сирин быыбардыыр учаастактара үлэлэрин саҕалаатылар

Share

Саха сиригэр 805 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа үлэтин саҕалаата. Үс күн устата Саха сирин олохтоохторо СӨ баһылыгын уонна сэттис ыҥырыылаах мунньах норуодунай дьокутааттарын талыахтара. Итиэннэ муниципальнай таһымнаах 85 быыбардыыр хампаанньа үлэлиир.

«Бары учаастактар үлэлэрин Арассыыйа гимнинэн саҕалаатылар. Быыбар үс күн буолуоҕа — балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр», — диэн Саха сирин быыбардыыр хамыыһыйатыгар иһитиннэрдилэр.

Ол курдук, барыта 35 территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа, 35 уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа, 805 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа, ол иһигэр 15 баахтабай бөһүөлэктэргэ, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр уонна СИЗО-ҕа быстах кэмнээх хамыыһыйалар тэрилиннилэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

sakha-sire.ru саайты ааҕар дьон ахсаана улаатта

2022 сыллаахха  "Саха сирэ" хаһыат  sakha-sire.ru саайта үлэтин саҕалаабыта. Онон "Саха сирэ" эрэдээксийэтэ билигин хаһыат…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Чокуурдаах олохтооҕо балтын илиитин ытырбытын иһин бириигэбэрдэннэ

Чокуурдаах олохтооҕо итирик туруктаах сылдьан иирсээн кэмигэр балтын ытырбытын иһин 120 чаас булгуччулаах үлэҕэ бириигэбэрдэннэ.…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

От ыйын 1 күнүттэн ханнык сокуоннар олоххо киирэллэрий?

2025 сыл от ыйыттан Арассыыйаҕа үп-харчы эйгэтин, административнай быраабы, табаары маркировкалааһын быраабылаларын таарыйар саҥа сокуоннар…

45 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын сарсыҥҥыттан көрсүөхтэрэ

От ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгри оройуонугар 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Ыалдьыттары от ыйын…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр соҕотох умайа турар ойуур баһаарын умуллардылар

Ааспыт сууккаҕа Ленскэй оройуоҥҥа 3 га иэннээх ойуур баһаара көһүннэ. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга баһаарга биэнсийэлээх дьахтар эмсэҕэлээбит

Баһаарга дьиэ кырыыһата уонна гараас уопсайа 112 кв.м. иэнэ уокка былдьаммыт. Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр…

1 час ago