Саха сиригэр «Союз- 2.1 б» аракыата тобохторун буллулар
«Восточная» космодромтан «Союз- 2.1 б» аракыатаны көтүтүү кэнниттэн, Саха сиригэр космическай эбийиэк тобохторун көрдөөһүн уонна эвакуациялааһын үлэлэрэ ыытылыннылар.
Үлэ түмүктэммитин туһунан ыам ыйын 24 күнүгэр Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Санатан эттэххэ, «Союз- 2.1 б» аракыатаны «Восточная» космодромтан бу сыл олунньу 29 күнүгэр көтүппүтэрэ. Бу иннинэ Бүлүү улууһугар 2,5 туонналаах аракыата бааҕын тобохторун эвакуациялаабыттара.
«Арыаката атын тобохторо, ирдэбил быһыытынан, сааскы кэмҥэ хаар ууллубутун кэннэ көрдүүргэ көһөрбүттэрэ. Хаарга аракыата тобохторо сырдык өҥнөөх буолан көстүбэт этилэр», — диэн быһаарда Саха сирин быыһыыр сулууспа подразделениетын начаалынньыгын солбуйааччы Павел Алексеев. Кини этэринэн, хаалбыт тобохтору уонча хонук иһигэр булуллубуттар.
«Биһигиттэн туох ирдэнэрин барытын буллубут. Үлэ түмүктэннэ, барыта контейнердарынан угуллан, космодромҥа утилизацияҕа ыытыллыаҕа», — диир Павел Алексеев.
Көрдүүр үлэлэр Бүлүү улууһун Күбэйиҥдэ сэлиэнньэтин аттыгар ыытыллыбыттара бэлиэтэннэ. Бу үлэлэргэ кыттыыны Москва куорат Космическай инфраструктуратын эбийиэктэрин киинин бэрэстэбиитэллэрэ ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: