Салгыы
Саха сирин чааһынай оҕо уһуйааннарыгар 300 эбии миэстэ тэриллиэҕэ

Саха сирин чааһынай оҕо уһуйааннарыгар 300 эбии миэстэ тэриллиэҕэ

Ааптар:
09.08.2024, 11:30
СИА хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

«Демография» национальнай бырайыагынан 2024 сылга балтарааттан үс саастарыгар диэри оҕолорго чааһынай оҕо уһуйааннарыгар 300 эбии миэстэ тэриллиэҕэ диэн Саха сирин Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Биэдэмистибэҕэ бэлиэтээбиттэринэн, судаарыстыбаннайа суох оҕо уһуйааннарыгар эбии миэстэлэр Саха сиригэр 2020 сылтан «Демография» национальнай бырайыагынан «Чааһынай оҕо уһуйааннарыгар эбии миэстэлэри таһаарыы» диэн дьаһалынан тэриллэр. 2024 сыл тохсунньутугар Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр чааһынай тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар ортолоругар федеральнай субсидияны биэриигэ куонкурус ыытыллыбыта.

Сүүмэрдээһини оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолорго үөрэхтээһин эйгэтигэр 27 чааһынай урбаанньыттара ааспыттара. Түһэрсиллибит сөбүлэһиинэн  33 мөл. солк. суумалаах субсидияны урбаанньыттар счеттарыгар түһэрбиттэр. Көрүллүбүт үбү-харчыны чааһынай оҕо уһуйааннара тэрилтэ матырыйаалынай-тэхиниичэскэй хааччыйыытын, үөрэх уонна иитии эйгэтигэр маллары атыылаһыыга туһаннылар.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр кэнники үс сылга чааһынай оҕо уһуйааннарыгар 2 141 эбии миэстэ тэриллибитэ. Бу сыалга 264 мөл. солк. тахса суумалаах федеральнай субсидия ыытыллыбыта. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: