Саха сирин дьахталларын «Подруги – Дьүөгэлэр» аһаҕас пуорум буолла

Share

Бэҕэһээ, кулун тутар 1 күнүгэр, Саха сирин дьахталларын «Подруги – Дьүөгэлэр» аһаҕас пуорумун пленарнай мунньаҕа буолан ааста. Быйыл сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 400 дьахтар муһунна.

Дьахталларга аһаҕас пуорума билигин Саха сирин араас муннуктарыттан 30 тыһыынчаттан тахса саха дьахталларын түмэр.

Хаартыска: sakha.gov.ru

«Пуорум биһиги элбэх национальностаах Сахабыт сирин дьахталларын хамсааһына сырдык, муударай, талааннаах дьахталлары түмтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үгэс буолбут духуобунай баайын-дуолун харыстааһыҥҥа уонна сайдыытыгар тугунан да сыаналаммат оруолу биэрбиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын», — диэн сийиэс кыттыылаахтарын Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Ону сэргэ Айсен Николаев Саха сирэ киһи хапытаалын сайыннарыы уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү боппуруостарыгар ураты болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru

«Экэниэмикэ салааларын, саҥа инфраструктураны сайыннаран, бастатан туран, биһиги болҕомтобутун киинигэр дьон олоҕун тыйыс усулуобуйатыгар тупсарыытын тэрийэбит. Чопчу маннык сыһыан биһиги көлүөнэ оҕо төрөөһүнүгэр үрдүк көрдөрүүлэрин оннунан хаалларарга, олохторун-дьаһахтарын тупсарар кыаҕы биэриэҕэ, кэлиҥҥи сылларга бигэтик үүнэр олохтоох дьон ахсаана лаппа эбиллиэ диэн эрэнэбин», – диэн республика баһылыга бэлиэтээтэ.

«Алта сыл иһигэр бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, дьиэ кэргэн социальнай көҕүн үрдэтэргэ уонна уопсастыбаҕа оруолу күүһүрдэргэ бары бииргэ үлэлэһэбит», — диэн пуорум бэрэссэдээтэлэ, ХИФУ Бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова бэлиэтээтэ.

Сийиэс дэлэгээттэринэн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин национальнай бырайыактарын олоххо киллэриигэ, Саха сирин улуустарын уонна оройуоннарын сайдыытыгар, ону тэҥэ Саха сирин дьахталларыгар уонна нэһилиэнньэтигэр аһаҕас ыҥырыы оҥоһуллунна. Сийиэскэ кулун тутар 5 күнүгэр Москваҕа ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы дьахтар пуорумнарыгар кыттар дэлэгээттэр талылыннылар.

Санатан эттэххэ, «Подруги – Дьүөгэлэр»  Саха сирин  дьахталларын холбоһуктаах аһаҕас пуорума өрөспүүбүлүкэ дьахталларын социальнай көхтөрүн тупсарыыга, бииргэ үлэлээһиҥҥэ, олохторун- дьаһахтарын хаачыстыбатын тупсарыыга көмөлөһүүгэ туһуланар. Бырайыак «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи Сэбиэтин мунньаҕар өйөммүтэ. Пуорум хас да хайысханы ситимниир: «Ийэлэр үлэлэрэ», «Дьахтар университета», «Дьахтар доруобуйата», «Эдэр Саха сирэ», «Дьахтар экэниэмикэтэ», «Оскуолаҕа дьахтар бэлиитикэтэ», «Эппиэтинэстээх төрөппүт оскуолата» о.д.а.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago