Саха сирин дэлэгээссийэтэ Кытай хампаанньатын кытары кэпсэтиини ыытта
Харбиҥҥа Арассыыйа-Кытай VIII Экспо чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Beijing Jianlong Heavy Industry Group Co., Ltd. хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ.
Хампаанньа ыстаалы оҥоруу кээмэйинэн Кытайга 5-с, аан дойдуга 8-с миэстэлэргэ сылдьар.
Дьулустаан Борисов көрсүһүү СӨ бырабыыталыстыбатын уонна Beijing Jianlong Heavy Industry Group Co., Ltd хампаанньа икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини олохтуурга суолталааҕын бэлиэтээтэ. Арассыыйа уонна Кытай экэниэмикэлэрэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр. Саха сирэ наадалаах сырьеҕа баай саппаастаах РФ эрэгийиэнинэн буолар, онтон Кытайга батарыы улахан ырыынага хардарыта бииргэ үлэлээһини сайыннарар кыаҕы биэрэр.
Хампаанньа үпкэ уонна инвестицияларга дириэктэрэ Чжэн Кай салгыы бииргэ үлэлииргэ интэриэстээҕин бигэргэттэ уонна бырамыысыланнаска холбоһуктаах инвестиция бырайыактарыгар кэпсэтиилэри ыытарга бэлэмин биллэрдэ. Инвестиция бырайыактарыгар киирэр «Джалинда-Мохэ» тимир суол бырайыагын олоххо киллэрии хостонор баай сириттэн Кытайга диэри кыраныыссаҕа арыта 500 килэмиэтиргэ тиийэ кыччатарга көмөлөһүөҕэ. Дьулустаан Борисов логистика боппуруостарын быһаарарга ити этиллибит көрүҥҥэ болҕомто уурарга этии киллэрдэ. Тойон Чжэн Кай чоҕу тастан киллэрии кээмэйин улаатыннарар уонна Саха сирин хампаанньаларыттан тимир рудалаах концентраты атыылаһар баҕалаахтарын эттэ.
(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: