Саха сирин дизайнера Парижка Муода нэдиэлэтигэр таҥас кэллиэксийэтин көрдөрүөҕэ
SAYIN бренд дизайнерын Нинель Данилованы Парижка Муода нэдиэлэтигэр ыҥырдылар. Балаҕан ыйын бүтүүтэ кини таҥаһын кэллиэксийэтин локальнай бреннэр былаһааккаларыгар көрдөрүөҕэ, диэн иһитиннэрэр Мария Горохова СИА-тан. Нинель кэллиэксийэтэ Аляска дизайнерын кытта биир блокка былааннаммыт.
“Социальнай ситимнэр нөҥүө миигин кытта Парижка Муода нэдиэлэтин тэрийээччилэр сибээстэспиттэрэ, хойутуу соҕус официальнай ыҥырыыны ыыппыттара. Мин бу бэриллибит кыаҕы мүччү туппакка сөбүлэстим уонна барарга быһаарынным. Бэйэҥ кэллиэксийэҕин аан дойду муодатын киинигэр көрдөрүү диэн, хас биирдии дизайнер ыра санаата буоллаҕа. Онон бу айан миэхэ эрэ буолбакка, Саха сирин дизайнердарыгар барыларыгар бэртээхэй уопутунан буолуоҕа. Бэйэм кэллиэгэлэрим айар куттарын кынаттыахпын, саҥа саҕахтары көрдөрүөхпүн баҕарабын”, — диэн кэпсээтэ Нинель Данилова.
Бэйэтин брендин таҥаһын Нинель 2023 сылтан сайыннарбыта. Парижка кини уон уобарастан турар кэллиэксийэтин көрдөрүөҕэ.
“Кыраныысса таһыгар бүтүн кэллиэксийэни таһаарыы үбү-харчыны эрэйэр, онон билигин спонсордары уонна партнердары көрдүү сылдьабын. Бэйэ-бэйэҕэ туһалаах буоларбыт курдук, идэтийбит контены оҥорууга өҥө бакыаттарын бэлэмнээтим. Бу биһиги олохтоох бреннэрбитигэр наадалаахтар дии саныыбын”, — диир Нинель Данилова.
Муода нэдиэлэтэ Парижка балаҕан ыйын 23 – алтынньы 1 күннэригэр ыытыллыа. Муода дьиэлэрэ уонна дизайнердар 2025 сыл сааскы-сайыҥҥы дьахтар таҥаһын билиһиннэриэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: