Саха сирин дьоно инникигэ эрэллээхтэр

Саха сирин дьоно инникигэ эрэллээхтэр

15.03.2024, 01:07
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары видео-сибээһинэн кэпсэттэ.

Айсен НИКОЛАЕВ:

-Саха Өрөспүүбүлүкэтэ билигин олус түргэнник сайдар. Биһиги -– дойду түргэнник сайдар дойдуларыттан биирдэстэрэбит. 2023 сылга эрэгийиэннээҕи валовай бородуукта 2 триллион 300 миллиард солкуобайы аһарда. Биһиги ньиэби уонна гааһы хостуурга -– бэһис, чоҕу хостуурга -– үһүс, көмүһү хостуурга аан бастаан иккис буоллубут.
Алмааска дойдуга эрэ буолбакка, аан дойдуга бастакыбыт. Инвестицияҕа актыыбынаспыт олус үрдүк таһымҥа сылдьар. Биһиги Уһук Илиҥҥэ инники иһэбит, ааспыт сылга 722 миллиард киллэриллибитэ. Биллэн турар, экэниэмикэ үрдээһинэ дьон олоҕо тупсарыгар усулуобуйаны тэрийбитэ: Саха сирин дьоно инники олохторугар эрэллээхтэр, ол иһин дьиэ кэргэн үөскүүр, кырачааннар күн сирин көрөллөр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: