Саха сирин доруобуйа харыстабылын “122” сулууспата 300 тыһыынча кэриҥэ көрдөһүүнү ылла

Share

2023 сыл саҕаланыаҕыттан доруобуйа харыстабылын “суһал лииньийэ” оператордарыгар “122” нүөмэринэн 275820 эрийдилэр. Саха сирин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ чопчулуурунан, үгүстүк бырааһы дьиэҕэ ыҥыраллар, бырааска киирэргэ суруйтараллар, эминэн, диспансеризация, медосмотр, быһыыны ылыы, хамсык саҥа көрүҥэр сыһыаннаах  ыйытыыларынан төлөпүөннээбиттэр.

“Биһиги сулууспабытыгар эрийбит киһиэхэ чопчу хоруйу биэриэххэ наада. Суһаллык үлэлииргэ уонна оператордарга көмөлөһөр туһуттан саҥа иһитиннэрэр технология – дьиэҕэ бырааһы ыҥырыыга “голосовой ассистент” үлээҕ киирдэ. Бу нөҥүө 52673 көрдөһүүнү тутттулар. Быйыл саҥарар ассистент “Запись на прием к врачу (педиатру/терапевту” диэн сценарийынан эбии үлэлиир уонна хайы-үйэ 32245 киһи эрийдэ”, — диэн бу салаа салайааччыта Анна Кириллина иһитиннэрдэ.

Сайаапкалары ылыы хаачыстыбатын тупсарыыга тиһиктээхтик үлэлииллэр. Холобура, нэһилиэнньэ наадыйыытынан олох соторутааҕыта ыспыраапканы ылыыга нарколог уонна психиатр быраастарга суруйтарыы өҥөтө олохтонно.

Ааспыт нэдиэлэттэн Биир кэлим сулууспа колл-киинэ Дьокуускайдааҕы идэтийбит стоматология киинин көмөтүнэн туһанарга суруйтарбыт дьоҥҥо төттөрү эрийэн тиийэр буолла.

Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ “122” нүөмэргэ эрийэн доруобуйаҕа сыһыаннаах боппуруостарынан эрийэргитигэр сүбэлиир.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago