Саха сирин эдэр спортсменнара “Азия оҕолоро” оонньууларга кыттарга бэлэмнэнэллэр

Share

VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оонньуулара» кыттарга бэлэмнэнии чэрчитинэн, Саха сирин эдэр спортсменнара быйылгы сыл саҕаланыытыттан түөрт ый устата 52 күрэхтэһиигэ кыттыыны ыллылар.

Оҕолор дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Уһук Илин уокуругун эрэгийиэннэрин икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ  288 мэтээли дойдуларыгар аҕаллылар. Быйыл сыл саҕаланыаҕыттан 38 эрчиллэр тэрээһиннэр  Хабаровскай, Махачкала, Новосибирскай, Екатеринбург, Кисловодскай, Дьокуускай, Москва, Владивосток  куораттарга уонна Кытайга буоллулар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эрчиллэр күрэхтэһиилэр Кабардино-Балкарияҕа (уолаттарга — бокс) уонна Ингушетияҕа ( кыргыттарга – бокс), Москваҕа (баскетбол), Дагестаҥҥа (кик-боксинг), Дьокуускайга  (үҥкүү успуода) буола тураллар.  Маны таһынан, самбистар – Чувашияҕа, тхэквондистар — Доннааҕы Ростовка, харбааччылар — Южно-Сахалинскайга уонна Казаҥҥа,  хапсаҕайдьыттар — Улан-Удэҕэ, теннисистэр – Кытай Харбиныгар, мас тардыһааччылар — Улан-Баторга, волейболистар —  Чурапчыга ыытыллар күрэхтэһиилэргэ кыттан эрчиллэллэр. Нерюнгригэ Арассыыйа үөрэнээччилэрин спартакиадатын иккис түһүмэҕэ буола турар. Онно өрөспүүбүлүкэ бастыҥ спортсменнара кыттыыны ылаллар. Ити курдук, бары көрүҥнэринэн ыытыллар күрэхтэһиилэри, эрчиллиилэри ааттыы, ааҕа туруохха сөп.

Саха сирэ тэрийээччи быһыытынан успуорт 24 көрүҥэр икки хамаанданан кыттар. Быһа холуйан, хамаандалар састааптарыгар 537 киһи баар: ол иһигэр 370 спортсмен, 121 – тириэньэр, 45 – хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ. Хамаанда састаабын бүтэһиктээх быһаарыыта бэс ыйын 1 күнүгэр бигэргэниэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн туһунан хоһооннор

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…

21 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Массыына «Хивуһу» кытта харсыспыт

Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан  1200…

26 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэтинньи бүтүүтэ Саха сиригэр  күн-дьыл туруга уларыйа турар

“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа  уонна халлаан  сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһэни, хатыыһы, чыыры көҥүлэ  суох бултаан дьыалаҕа эрилиннилэр

Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна  да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…

2 часа ago
  • Сонуннар

Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…

2 часа ago