Саха сирин экологиятын боппуруоһа аан дойду учуонайдарын түмтэ
Быйыл туруктаах сайдыыга аналлаах V Хотугу пуорум Килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ боппуруостарыгар II норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпэриэнсийэни кытта холбоон ыытылынна.
Арктика дьылҕата долгутар
Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу чинчийэр научнай института, «Север» НОЦ уонна Мельниченко пуондата кытыннылар. Бу платформа пуорум бырагырааматын сүрүн чааһынан буолла.
Кэмпириэнсийэ биир сүрүн түгэнинэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр Ирбэт тоҥу чинчийэр научнай институт баазатыгар Киин Азия тымныы эрэгийиэннэрин үөрэтэр Китай – Арассыыйа – Монголия аан дойдутааҕы киин офистарын арыйыы буолбута. Китай, Монголия уонна Арассыыйа тымныы эрэгийиэннэрин кэлим сайдыытын көҕүлүүр сыаллаах меморандумҥа өрүттэр өссө 2024 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр илии баттаабыттара.
«Офис үлэтэ криосфера уларыйыыларыгар уонна кинилэр содулларын, ирбэт тоҥ зонатын алдьаныытын уонна айылҕа уонна тиэхиньиичэскэй систиэмэлэргэ дьайыытын, чөлүгэр түһүүнү уонна экологическай өттүнэн дьайыытын үөрэтиигэ туһуланыаҕа», – диэн институт научнай сэкирэтээрэ Анна Куть эттэ.
Информацияны атастаһыы
Ону тэҥэ, «Моделирование уонна сибээс: углерод эргиирин чэрчитинэн парниковай гааһы уонна ирбэт тоҥу кэтээн көрүү туһунан аан дойдутааҕы информацияны атастаһыыга хас биирдии дойду кыахтара уонна уопуттара» диэн төгүрүк остуол кэмигэр АХШ, Норвегия, Монголия уонна Арассыыйа ирбэт тоҥ уонна Арктика килиимэтин кыһалҕаларын эйгэтигэр учуонайдар уонна эспиэрдэр санаа атастастылар.
Былаһаакканы салайан ыыппыт Мельниченко пуондатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, «Наука» хайысхатын дириэктэрэ Илья Типунин кэмпириэнсийэни уонна Хотугу пуоруму өйөөн, пуонда Арктикаҕа түргэнник сылыйыы түмүгэр улахан кээмэйдээх углерод быраҕыллыытын кыһалҕатыгар, төһө кыалларынан, киэҥ болҕомтону тардыахтааҕын бэлиэтээтэ.
«Бу планетаҕа килиимэти төрдүттэн уларытыахха сөп. Ол гынан баран, билигин Арктикаҕа буола турар уларыйыылар тустарынан билиибит ситэтэ суох. Биһиги пуондабыт бу хайысхаҕа аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһини уонна киэҥ дьүүллэһиини көҕүлүүр соруктаах. Биһиги кэмпириэнсийэҕэ ураты бырагырааманы бэлэмнээтибит, онно тас дойду бастыҥ учуонайдара Арассыыйа уонна БРИКС атын дойдуларын холбоһон ирбэт тоҥу кэтээн көрүү уонна чинчийии боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ, санааларын атастаһыахтара уонна бииргэ үлэлээһин эбии ньыматын быһаарсыахтара. Бу кэнники икки сылга ирбэт тоҥ тиэмэтигэр саамай улахан научнай кэпсэтии буолуоҕа», – диэтэ Илья Типунин.
Ол курдук, СӨ научнай-чинчийэр киинин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Трофим Максимов Саха сирин айылҕа репрезентативнай эко-систиэмэтин научнай ыстаансыйаларын кытта парниковай гаастар уонна килиимэти кэтээн көрүү – уларыйа турар килиимэккэ Арассыыйа углероднай бүддьүөтүн бигэргэтэр уонна бэрэбиэркэлиир кэтээн көрүүнү, манипуляцияны, моделированиены уонна салайыыны киллэрэн туран, «4М» ньыманы туһанан SakhaFluxNet бөдөҥ-трансект прототибын эрэгийиэннээҕи ситимин тэрийэргэ этии киллэрдэ. Кини этэринэн, кэтээн көрүү айылҕа эйгэтин бары компоненнарын – атмосфераны, биосфераны, гидросфераны уонна криолитосфераны хабыахтаах.
Монголия наукаларын академиятын География уонна геоэкология институтун ирбэт тоҥу үөрэтэр салаатын салайааччыта Адия Саруулзая Монголияҕа килиимэт уларыйыытын усулуобуйатыгар ирбэт тоҥ алдьаныытын инженернэй содулларын туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Ирбэт тоҥу кэтээн көрүүнү тэрийии
Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн, «Ирбэт тоҥу кэтээн көрүү, тэрийии уонна хонтуруоллааһын систиэмэлэрэ» диэн төгүрүк остуол ыытылынна. Онно платформалар салайааччыларынан
П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт дириэктэрэ, Арассыыйа наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Михаил Железняк уонна Арктика боппуруостарыгар
Ил Дархан аналлаах бэрэстэбиитэлэ, бэрэпиэссэр Александр Акимов кытыннылар.
Төгүрүк остуолга 100-тэн тахса киһи тус бэйэтэ кытынна уонна 20 киһи куйаар ситимин нөҥүө кыттыста. Кэпсэтии ирбэт тоҥ зонатын туругун кэтээн көрөр судаарыстыбаннай систиэмэни тэрийиигэ сыһыаннаах боппуруостарга ананна. Тыл этээччилэр ортолоругар Москваттан, Тюменьтан, Анадырьтан, Монголияттан научнай да, оҥорон таһаарар да тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ бааллар.
«Арассыыйа уонна аан дойдутааҕы геокриологическай оскуолалар, каадырдары бэлэмнээһин. Сайдыы туруга уонна кэскилэ» кэпсэтиигэ кыттааччылар М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка, Сибиирдээҕи федеральнай университекка, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, Серго Орджоникидзе аатынан Арассыыйа судаарыстыбаннай геологическай-чинчийэр университетыгар, Тюменнээҕи судаарыстыбаннай университекка геокриолог исписэлиистэри бэлэмнээһин боппуруоһун дьүүллэстилэр. Бу сиэссийэ үлэтигэр 90-н тахса киһи кытынна.
Инженернэй тутуулар туруктара
«Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар инженернэй тутуулар туруктаах буолууларын хааччыйыы – этиилэр уонна ньымалар» диэн ааттаах төгүрүк остуолга 50-тан тахса эспиэр кытынна, ол иһигэр Кытайтан эмиэ бааллар. Кинилэр ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар, Арктикаҕа тутуу кыһалҕаларыгар, саха сирин инженернэй тутуулара туруктаах буолууларыгар, булкаас чинчийии технологияларыгар олоҕурбут Уһук Хотугу инфраструктура эбийиэктэрин туругун сыаналыыр ньымаҕа сыһыаннаах боппуруостары, ол иһигэр Арассыыйа – Кытай ньиэбин турбатын ситимин тутуу кыһалҕаларын ырыттылар.
Түмүк оннугар
Туруктаах сайдыы V Хотугу пуорума балаҕан ыйын бүтүүтэ Дьокуускайга ыытылынна. Манна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хоту сир уонна Арктика кыһалҕаларын уонна туруктаах кэскилин сайдыытын туһунан дьүүллэһэр былаһаакка биир сүрүн тэрийээччитинэн буолла. Аан дойду учуонайдара Хотугу сир уонна Арктика сайдыытыгар эко-систиэмэ, халлаан сылыйыыта улахан кыһалҕаны үөскэтэрин, онуоха тобулар суолу, хайысханы ситиһэргэ киэҥ хабааннаах холбоһуктаах үлэ барыахтааҕын бэлиэтииллэр.
Учуонайдар быһааралларынан, Саха сирэ сайдарыгар учуонайдар, судаарыстыба уонна биисинэс холбоһуктаах күүстэрэ, сыралара ирдэнэр. Арктиканы кэлимник сайыннарыы аан дойду учуонайдарын, судаарыстыба уонна сиртэн хостонор баай комплексын тэрилтэлэрин бииргэ үлэлээһиннэрин эрэ түмүгэр ситиһиллиэн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: