Саха сирин өссө үс тэрилтэтэ “Производительность труда” национальнай бырайыакка кыттар
Саха сирин өссө үс тэрилтэтэ “Производительность труда” национальнай бырайыакка кыттыыларын суотугар оҥорон таһаарыыларын үрдэтиэхтэрэ. Ити туһунан эрэгийиэн Экэниэмикэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сыл саҕаланыаҕыттан “Производительность труда” национальнай бырайыак саҥа кыттааччыларынан “Саюри” ХЭУо, «ИФК «РФА-Инвест» АУо уонна «Комбинат социального предприятия» ХЭУо буоллулар.
Күн бүгүн эрэгийиэҥҥэ национальнай бырайыакка 25 хампаанньа хабылынна. Сыл түмүктэниэр диэри “Производительность труда” бырайыакка кыттар тэрилтэ уопсай ахсаана 27 тиийиэхтээх.
Национальнай бырайыакка киирэр тэрилтэлэр оҥорон таһаарыылара 26,8 % үрдээтэ, оҥорон таһаарыы бириэмэтэ 19,9 % кылгаата, бүппэтэх үлэ 42 % аҕыйаабыт.
“Производительность труда” национальнай бырайыак дойдуга оҥорон таһаарыы үлэтин сыллата 5 % үрдэтэр соруктаах. Эргиэҥҥэ-урбааҥҥа көмөлөһөр кэккэ миэрэлэри толкуйдаабыттар, ол иһигэр үбүнэн көҕүлээһин уонна тэрилтэ үлэтигэр эспиэртэр сүбэлэрэ-амалара киирэр. Национальнай бырайыактар РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан 2019 сылтан үлэлиир. “Производительность труда” национальнай бырайыак Саха сиригэр 2020 сыллаахха олоххо киирбитэ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: