Саха сирин этиитин Федерация Сэбиэтин кэмитиэтэ өйөөтө

Share

“Уһук Илиҥҥэ социальнай инфраструктура хаачыстыбатын үрдэтиини сокуонунан хааччыйыы боппуруостара” тиэмэҕэ Федеративнай тутулга, эрэгийиэн бэлиитикэтигэр, олохтоох салайыныы уонна Хоту дойду дьыалаларыгар сис кэмитиэтин “төгүрүк остуолугар” Саха сирин этиитин өйөөтүлэр.

Онно сэтинньи 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов этии киллэрбитэ.  Этии “мобильнай дуоктардарга”, уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ мобильнай социальнай инфраструктураны торумнааһыҥҥа уонна инбэлииттэри хааччыйыыга  сыһыаннаах.

Георгий Степанов Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев көҕүлэһининэн “мобильнай дуоктаардар” бырайыактара саҕаламмытын санатта.

“Ыраах сытар сирдэргэ педиатрдар, терапевтар эрэ буолбакка, чопчу идэлээх “(“узкай”) быраастар тиийэллэр«, — диэтэ Георгий Степанов уонна амбулаторияҕа-поликлиникаҕа көмө киһи ахсаанынан нуорматын мобильнай биригээдэлэр нормативтарын эбэргэ эттэ. Уларытыылары 2024 сылтан босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууну судаарыстыбаннай мэктиэлиир бырагыраамҕа киллэрэргэ этиллэр.

«Аартыкаҕа уонна Уһук Илиҥҥэ уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ  доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ эргэрбиттэрин кыһалҕата турар. Бу сирдэргэ тутууну ыытар ороскуота улахан, ону тэҥэ ону салгыы үлэлэтиигэ бүддьүөт араас таһымыгар эмиэ ороскуоттаах”, — диэн Георгий Степанов кыһалҕаны таарыйда.

Ырах, уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ социальнай инфраструктураны бырайыактааһыны Аартыка түөлбэтигэр туһанылар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар төрүт үгэстэригэр хаһаайыстыбананй үлэлэрин ытыы былаанын эбэн биэрэргэ этилиннэ.

“Элбэх өҥөнү оҥорор социальнай эбийиэги киллэрэр кэлимсэ социальнай инфраструктура хоту дойдуга социальнай эбийиэктэри тутуу кыһалҕатын быһаарыа этэ”, — диэн бэлиэтээтэ кини.

Георгий Степанов инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ олорор усулуобуйаларын тупсарыыга көмөлөһөр миэрэлэри торумнуурга этии киллэрдэ, федеральнай бүддьүөттэн судаарыстыба өйөбүллээх олорор дьиэҕэ наадыйыыга 2005 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн олорор дьиэҕэ учуокка турбуттарга. Инбэлииттэри дьиэнэн хааччыйыыга 19 млрд солкуобай үбүлээһин ирдэнэр.

“Кыра нэһилиэньэлээх пууннарга элбэх өҥөнү оҥорор кэлимсэ эбийиэктэри тутар ордук, онно успуорт, култуура уонна үөрэх биир дьиэҕэ баар буолуохтаах. Ону тэҥэ мэдиссиинэ мобильнай биригээдэлэрин үлэлэтиини өйүүбүт”, — диэтэ Сахалин уобалаһын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Вячеслав Аленьков. Сенатордар Сахамин Афанасьев, Григорий Ледков, Анна Отке, Григорий Хапочкин, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. тыл эттилэр.

Тэрээһин спикерэ, бу сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Высокинскай билигин Уһук Илиҥҥэ социальнай инфраструктураны киэҥ хабааннаахтык саҥардыы ыытылларын бэлиэтээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

4 часа ago