Саха сиригэр «гаастааһын көмүс үйэтэ» үүннэ диэн ааспыт нэдиэлэҕэ дойду эспиэрдэрэ эттилэр. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ Уһук Илин уокуругар бастакы уонна дойдуга бэһис миэстэни ылар. Ааспыт сылга Саха сирэ гааһы тардыыга саамай үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ: 2021 сыллааҕар турбаны ууруу тэтимэ 25 төгүл улааппыта. 336 км ситим тардыллан өрөспүүбүлүкэни гаастааһын 55 сыллаах устуоруйатыгар рекорду ситиспитэ.
Саха сирин гаастааһын «Газпром» ААУо РФ эрэгийиэннэрин гаастааһын уонна гааһынан хааччыйыы сайдыытын бырагырааматынан барар. Ол курдук 2020 с. ортотунан өрөспүүбүлүкэни гаастааһын 34,3% этэ. Эрэгийиэннэри гаастааһын былаанынан «Газпром» ААУо Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2021–2025 сс. 293,2 км саҥа гаас ситимэ тардыллыахтаах, 71 эбийиэк хочуолунайга холбонуохтаах, 8403 олорор дьиэҕэ гаас киириэхтээх.
Өрөспүүбүлүкэҕэ гааһы үллэрэр үс тэрилтэ баар: «Сахатранснефтегаз» АУО, «АЛРОСА-газ» АУо уонна «Айхалтрансгаз» ХЭУо.
Саха сиригэр барыта 104 сэлиэнньэ гааска холбонон олорор, 7600 км ситим туһаныллар. 2023 сыллаах гаастааһын бырагырааматынан «Сибиир күүһэ» гаас ситимин устун Алдан, Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннара гаас ситимигэр холбонуохтара. Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев Ленскэй улууһун Мууруйа гаас үллэрэр ыстаансыйатыттан Бэчинчэ сэлиэнньэтигэр уонна Өлүөхүмэ улууһугар тардыллар утаҕы холбуур үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сылдьан кэлбитин туһунан суруйбуппут.
Бу сааскыттан «Сибиир күүһэ» гаас ситимин устун олорор куораттары уонна нэһилиэктэри гаастааһыны бэлэмнээҥ диэн өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар уонна «Сахатранснефтегаз» АУо сорудахтаммыта.
Ил Дархан быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй, Эбэ, 1‑кы Харбалаах, Үрүҥ Күөл сэлиэнньэлэригэр гаас ситимин тардыы саҕаланыа диэн саас өссө этэн турар. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыгар, онтон Амма улууһун Сатаҕайыгар, Алтаныгар бырайыактыыр үлэ барыахтаах.
Санатан эттэххэ, социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ Саха сирэ Уһук Илин уокурукка бастыҥ, дойдуга бэһис көрдөрүүлэммитэ. Быйыл 1813 дьиэҕэ “күөх төлөн” холбонуохтаах, 2030 сылга диэри 15 тыһ. тахса дьиэҕэ гаас киириэхтээх.
Бу күннэргэ «Газпром» ААУо аукциоҥҥа Саха сирин «Сунтарскай‑1» уонна «Горнай» гаастаах учаастактарын бастакы турар сыаналарыттан 11,6 төгүл элбэҕи — 2,4 млрд солк. төлөөтө. Ол туһунан бу күннэргэ РФ Минпрома «Ведомостига» кэпсээтэ.
«Сунтарскай‑1» учаастак бэйэтин алын сыаната 178 мөл. солкуобай буоллаҕына, «Газпром» ону биэс төгүл ыарахан сыанаҕа — 836,4 мөл. солк. ылла. Бу учаастагы хампаанньа аукциоҥҥа 37 хаамыыны оҥорон ситистэ. Кинини кытары аукциоҥҥа Дьокуускайдааҕы оттук-энэргэтиичэскэй хампаанньата (ЯТЭК) уонна Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата (ИНК) күрэстэстилэр.
Оттон «Горнай» гаастаах учаастагы ылыы иһин киирсии өссө тыҥааһыннаах буолла. «Газпром» уонна ЯТЭК 143 хаамыыны 2,7 мөл. солк. оҥордулар. Кытаанах киирсии түмүгэр «Газпром» 1,55 млрд солк. төлөөн, бастакы актыыбыттан сыанатыттан 58 төгүл ыаратан атыыласта.
Дьэ, ити курдук, Саха сирин гааһын иһин кытаанах киирсии барар, улахан харчы оонньонор эбит.
«Сунтарскай‑1» гаастаах учаастак Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба оройуоннарын сиригэр-уотугар баар. Бу учаастакка С1, С2, Д0 категориялаах гаас саппааһа 14,8 млрд куб.м, оттон Дл, Д1, Д2 категориялаах — 560 млрд куб.м, гаас конденсата — 33,6 мөл. туоннаҕа тэҥнэһэр. «Сунтарскай‑1» учаастак «Газпром» хампаанньа атын Түүкээннээҕи уонна Варваринскайдааҕы учаастактарын кытары быысаһар.
«Горнай» гаас баайдаах учаастак Бүлүү, Горнай уонна Кэбээйи улуустарынан тайаан сытар. Учаастак Д1 уонна Д2 категориялаах саппааһа — 280 млрд куб. м., гаас конденсата — 9 мөл. туонна. «Горнай» учаастак «Газпром» хампаанньа Хаастыыр-Сахарнай учаастагын итиэннэ ЯТЭК Мастаахтааҕы уонна Соболоохтооҕу учаастактарын кытары кэккэлэһэ сытар.
Саха сирин «Сунтарскай-1» уонна «Горнай» учаастактара улахан гаас баайдаахтар диэн «БКС Мир инвестиций» ыстаарсай ырытааччыта Рональд Смит бэлиэтиир. Ол эрээри бу учаастактар ситэри чинчиллибэтэх буоланнар, «Газпром» хампаанньа улахан үлэни ыытара ирдэнэр, оччоҕо быһа холоон төһө саппаастааҕа быһаарыллыа диэн кини этэр. Смит саныырынан, «Газпром» аукциоҥҥа ылбыт сыаната олох кыра.
Оттон «Финам» ФГ ырытааччыта Сергей Кауфман Арассыыйа гааһын экспорын билиҥҥи балаһыанньатынан Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин (АТР) ырыынактарыгар чугас буолан, илин диэки улаханнык сыаналаныан сөп диэн этэр. Кини, бырамыысыланнас тэтимнээхтик сайдар кэмигэр, бу икки учаастакка гааһы балысханнык хостооһун 3-5 сылынан саҕаланыан сөбүн этэр.
Бу учаастактар Саха сиригэр гааһы хостооһун киинин сайыннарар сүдү соруктаах «Газпром» хампаанньаҕа, кини «экспорын илин диэки хайыһыннарарынан» көрдөххө, кэскиллээх диэн бэлиэтиир «Промсвязьбанк» ырытыыга уонна эспэртиисэҕэ киинин салайар эспиэрэ Екатерина Крылова.
Оттон Саха сирэ гааһы хостооһуҥҥа биир саамай кэскиллээх эрэгийиэнинэн буоларын – госбалансаҕа С1+С2 категориялаах 2,7 трлн куб.м тахса саппаас баар диэн Национальнай рейтинг ааҕыныстыбатын (НРА) салайар дириэктэрэ Сергей Гришунин этэр. Кини, өрөспүүбүлүкэ гаас баайдаах сирэ 20% эрэ баһыланан турар, онон эрэгийиэҥҥэ гааһы хостооһуҥҥа улахан кыах баар, ол инникитин Ямалга гааһы хостооһун аҕыйааһынын толуйуоҕа диэн быһаарар.
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…