В.Арсеньев аатынан «Уһук Илин» литературнай бириэмийэ быйылгы кылгас испииһэгэ (шорт-лист) таҕыста. Манна 9 суруйааччы айымньыта киирдэ. Саха сиригэр алмааһы хостооһун туһунан арамааны суруйбут Вячеслав Нескоромных бу испииһэккэ эмиэ киирдэ. Кини кимий?
«Алмазные грани» кинигэҕэ Саха сиригэр алмааһы көрдөөһүн, хостооһун туһунан суруллар. Бу манна интэриэһинэй дьылҕалаах дьон, хомолтолоох да түгэннэр бааллар эбит. Арамаан сүрүн дьоруойа — алмаас туруупкатын булбут Лариса Гринцевич. Бу геолог Лариса Попугаева прототиба буолуохтаах диэн сэрэйэҕин. Дьиҥнээх олоххо кини арыйыытын былдьаһа сатааччылар да баалларын билэбит.
Маны тэҥэ, суруйааччы алмаас бырамыысыланнаһын аныгы олоххо сыһыаран көрөр. DiRosa хампаанньаҕа уларытыылары киллэрэр аныгы кэм дьоруойдара ойууланаллар. Дьиибэтэ диэн, арамааҥҥа маатыры тыллара да суох буолбатахтар эбит.
Вячеслав Васильевич Нескоромных Алтаайга 1958 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Камчаткаҕа ааспыта, Иркутскайга, Красноярскайга үөрэммитэ, үлэлээбитэ. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Сибиирдээҕи федеральнай университет бэрэпиэссэрэ, техническэй наука хандьыдаата, геолог, научнай кинигэлэр, учуобунньуктар, монографиялар ааптардара. Бэйэтэ геолог буолан, бу тиэмэни суруйарын сөбүлүүр, элбэх кэпсээннэрдээх.
«А путь далек, и долог…» кинигэ, «Сны командора», «Завет Адмирала», «Алмазные грани» арамааннар, «Река» кэпсээннэр кинигэлэрин ааптара. «Петроглиф», «Голос Севера», «Русский Гофман», «Большой финал. Триумф короткого сюжета», «Лебеди над челнами» литературнай куонкурустар лауреаттара.
Кини сүрүннээн устуоруйа туһунан суруйар: Енисейскэй хаһаактара Байкалга кэлиилэрэ, Иван Крузенштерн хамаандатынан моряктар Сири эргийэ устуулара, Хотугу Муустаах муораҕа устуу, Саха сиргэр алмааһы хостооһун, уо.д.а. интэриэһинэй тиэмэлэри таарыйар.
Холобур, «Гипербазиты» диэн фантастическай сэһэнигэр Алтаайга сынньана сылдьар турист түҥ былыргыга, скифтэр, хууннар биистэригэр тиийэн хааларын туһунан суруллар.
Манна даҕатан эттэххэ, «Алмазные грани» кинигэ «ЛитРес» онлайн бибилэтиэкэтигэр баар, сыаната — 200 солкуобай.
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…