Саха сирин Гостехнадзорун 65 сыла

Share

Быйыл Арассыыйа Гостехнадзора тэриллибитэ 65 сылын туолла. Гостехнадзор аан бастаан тыа хаһаайыстыбатын массыына-тыраахтар ыстаансыйаларын уларыта тутуунан уонна холкуостарга тиэхиньикэни атыылааһынынан дьарыктанар ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин 1958 сыл муус устар 18 күнүнээҕи 425-с  №-дээх уурааҕынан тэриллибит сулууспа этэ.  Бу күнү ССРС Гостехнадзора тэриллибит күнүнэн ааҕаллар.

Массыына-тыраахтар ситимэ тиэхиньиичэскэй усулуобуйаларга, ыстандаарка эппиэттиир курдук көрүллэн-харайыллан, туһанылларга бэлэм буоларын мэктиэлиир уонна олохтоммут болдьоҕун иннинэ балаансаттан уһуллубатын хонтуруоллуур сорук­таах этэ. Итини таһынан, тырахтарыыс идэтигэр анал үөрэтии­ни барбыт дьоҥҥо быраап биэрэр уонна кинилэр үлэлэрин хаачыстыбатын тиэхэньии­чэскэй өттүнэн хонтуруоллуур, сэрэтэр дьаһаллары ылар бырааптааҕа.

1958-1966 сылларга, Гостехнадзор олох­тоох РТС-тарга сыһыарыллан, «Сельхозтехника» иһинэн үлэлээбитэ. Гостехнадзор инис­пиэк­сийэтин сайыннарар-бөҕөргөтөр ис хоһоон­ноох ССРС Бырабыыталыстыбата 1969 сыл олунньу 13 күнүгэр 122-с №-дээх, онтон
1975 с. ахсынньы 23 күнүгэр 1035 №-дээх туһааннаах министиэристибэҕэ сыһыарыллан, ССРС Госсельтехнадзора тэриллибитэ.

Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар бары тэрилтэлэр хонтуруолланар буолбуттара.

Бэрээдэк олохтонуута

Саҥа тэриллэн эрэр бөдөҥсүйбүт холкуостарга, сопхуостарга Гостехнадзор өттүттэн ирдэбил үрдээбитэ. Саха АССР иһинэн үлэлиир Гостехнадзор үлэһиттэрэ ССРС Гостехнадзорун ирдэбилин толорууга сөп түбэһиннэрэн бары уларыйыылары ааспыттара.

1967 сылтан бастаан Тыа хаһаайыстыбатын министиэ­ристибэтин систиэмэтигэр киирэн тэриллибитэ. 1969 сылтан Саха АССР Тыатын хаһаа­йыстыбатын министиэрис­тибэтин механизацияҕа отделын иһинэн  кылаабынай инженер-мэхээнньик, Саха АССР үтүөлээх мэхэньисээтэрэ Василий Юдин соҕотоҕун үлэтин саҕалаабыта. Кини туруор­суутунан, быһаччы салайыытынан 12 сүөһү итиитинэн уонна үүнээйи бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан дьарыктанар инспиэктэрдэр баар буолбуттара.

1985 сыллаахха «Госагроп­ром» систиэмэтэ тэриллиитигэр, урукку «Сельхозтехника», тутуу, бородууксуйаны оҥорон таһаарыы уо.д.а тэрилтэлэр тиэхиньикэлэрин туругун кэтээн көрүү соруга эбии турбута. Онон сибээстээн, сулуус­па ССРС Гостехнадзора диэн ааттанан, уларытыллан тэриллибитэ.

1986 сылтан саҕа­лаан өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын Гостехнадзорун иниспиэкси­йэлэригэр сопхуостарга үлэлии сылдьар кылаа­бынай инженердэр  начаалынньыгынан үлэлээбиттэрэ. Онтон Госагропром уонна Сэбиэскэй сойуус ыһыллыбыттарын кэннэ, Арассыыйа Гостехнадзора диэн аата эрэ уларыйбыта.

1971-1978 сылларга Петр Исаев, 1978-83 сс. Алексей Слепцов, 1986-2001 сс. Софрон Осипов Гостехнадзор кылаабынай инженер-мэхээнньик, салайааччы быһыытынан үлэлээбиттэрэ.

1986 сылтан РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Гостехнадзорун бочуоттаах инженер-инис­пиэктэрэ, дойду агропромышленнай комплексын сайдыытыгар кылаатын киллэрбитин иһин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт, «Гражданскай кил­­биэн» анал бэлиэ хаһаайына, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Софрон Осипов (07.12.1931-26.02.2012) 15 сыл  Саха сирин Гостехнадзорун таһаарыылаахтык салайбыта.

Тэрилтэ үлэтэ Арассыыйаҕа үрдүктүк сыаналаммыта. Кини салайар кэмигэр эрэ улуус иниспиэксийэлэрэ массыынанан, компьютерынан, пуорма таҥаһынан, тиэхэньии­чэскэй сэбинэн-сэбиргэлинэн, үлэ­лиир дьиэнэн хааччыллыбыттара. П.Н. Исаев уонна
С.Н. Оси­пов өрөспүүбүлүкэ инженеринэй сулууспалара бары киэн туттар салайааччылара буолбуттара.

Ыһыллыы кэмэ

1991-1993 сыллардааҕы ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр Гостехнадзор уорганнарын үлэлэрэ намтаабыта. Бу ыһыллыыны суһаллык быһаарар инниттэн, ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин ахсынньы ый 13 күнүгэр 1993 с. «О государственном надзоре за техни­ческим состоянием самоходных машин и других видов техники  в Российской Федерации” уурааҕа тахсыбыта.

Софрон Осиповы кытта өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит, чугастык алтыспыт киһинэн Петр Исаев буолар. Петр Николаевич Саха АССР Совминыгар үлэлиир кэмигэр Гостехнадзору сайыннарыыга Москваттан ыйыы-кэрдии кэлбитин Софрон Николаевичка «үлэҕэр туһан» диэн биэрбитэ.

Хаартысканы ааптардар тиксэрдилэр

Софрон Николаевич 1291-с №-дээх уураахха олоҕуран, Петр Николаевич биэрбит докумуонугар сирдэтэн, Саха сирин оройуон­нарыгар анал үлэһиттэрдээх иниспиэксийэни тэрийэргэ Бырабыыталыстыба уураа­ҕын бырайыагын бэлэмнээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнигэр Вячеслав Штыровка көрдөрөн, дакаас­таан, Гостехнадзор быһа ситэриилээх былаастарга бас бэринэр эрэ буоллаҕына, сөптөөх сүрүннээх түмүк баар буолуоҕун итэҕэппитэ. Ол түмүгүнэн, 1994 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр 200 №-дээх “О Положении Главгостехнадзора при Правительстве Респуб­лики Саха (Якутия)”  Бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбыта.

Ити уурааҕы Софрон Николаевич миэстэтигэр олоххо киллэрэн, бэйэтэ гербовай бэчээттээх, дьиэлээх-­уоттаах, туспа тэрилтэ буолбута. Өрөспүүбүлүкэ 30 улууһугар 34 штатнай үлэһиттээх  Гостехнадзор иниспиэксийэлэрэ тэриллибиттэрэ.

Инникигэ хардыылар

Онон Главгостехнадзор тэрилтэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн тахсыбыта. Гостехнадзор үлэһиттэригэр ирдэбили күүһүрдэргэ анаан, 1998 сыллаахха ыам ыйын 29 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын 229 №-дээх уурааҕа тахсыбыта.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир тиэхиньикэлэри, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ «АЛРОСА», «Якутуголь», «Алданзолото» уо.д.а.  хампаан­ньалар тиэхиньикэлэрин уонна чааһынай бас билээччилэр тиэхиньикэлэрин туһаныыга куттал суох буолуутун ирдиир буол­буттара.

XXI үйэҕэ үктэммиппит кэннэ дойдуга элбэх улары­йыылар киирэн барбыттара. Бу сүүрээн Гостехнадзор салаатын кытта таарыйбыта. Ол курдук 2005 сыллаахха 184 №-дээх “Об общих принципах организации законодательных (представительных) и исполнительных органов власти субъектов Российской Федерации” сокуоҥҥа олоҕуран, Гостехнадзор уорганнарын боломуочуйата эрэгийиэннэрдээҕи ситэриилээх былаастарга бэриллибитэ.

Тэрилтэни 2001-2010 сс. А.И. Пет­ров,  2010-2014 сс.  Н.П. Инно­кентьев, 2014-2017 сс. Н.Н. По­­пов,  2017-2018 сс. Д.Д. Маха­ров салайбыттара.

Николай Попов өрөспүү­бүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар туруорсан, 8 миэстэлээх такси үлэтин хонтуруол­лааһын боломуочуйатын туһунан ыйааҕы ылларан турар. Оттон Николай Николаевич сала­йан олорбут кэмигэр, компьютернай техниканы, информацион­най технологияны сайыннарбыт, туһааннаах уорганнары кытта сибээһи бөҕөргөппүт салайааччынан биллэр.

Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл 2655 №-дээх ыйаа­ҕынан бэс  ыйын 10 күнүттэн Гостехнадзор управление­та Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын минис­тиэристибэтигэр бэриллибитэ. Алтынньы 4 күнүттэн  Алексей Филиппов миниис­тир солбуйааччытынан – Саха Өрөспүүбүлүкэтин кылаабынай судаарыстыбаннай инженер-­иниспиэктэринэн  ананан түөрт сыл салайбыта.

А.А. Филиппов кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыраа­ныспарка уонна суол хаһаа­йыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев Гостехнадзор кылаабынай судаарыстыбаннай инженер-иниспиэктэрин дуоһунаһын сүгэр.

Билигин өрөспүүбүлүкэ Гостехнадзорун аата – СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаа­йыстыбатын министиэ­ристибэтин Гостехнадзорун департамена диэн. Департа­мент салайааччытынан Евгений Тимофеев үлэлиир. Евгений Валентинович ааспыт сыл балаҕан ыйыттан маҥнайгы хомуурга ыҥырыллан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Билигин кинини
Г.П. Ко­рякин уонна И.П. Андро­сов солбуйа сылдьаллар.

Петр Исаев,

үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн», Ытык Сүбэ анал бэлиэлэрин хаһаайына,  Гостехнадзор бочуоттаах үлэһитэ.

Сергей Климов,

Гостехнадзор бэтэрээнэ,

СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уопсастыбааннай сэбиэтин чилиэнэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago