Саха Сирин хамаандата өссө икки мэтээллэннэ

Share

Сочига доруобуйаларынан хааччахтаах дьон Арассыыйатааҕы бэстибээллэригэр Саха Сирин хамаандата өссө икки мэтээллэннэ.

Бу күннэргэ ыытыллыбыт дартс күрэхтэһиитин түмүктэрэ таҕыстылар. Манна хамаанданан оонньууга Александра Слепцова уонна Евгений Птицын састааптаах Саха Сирин хамаандата Москва уонна Орловскай уобалас кэнниттэн үһүс буолла.

Дартска биирдиилээн түмүккэ Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Евгений Птицын бастыҥнар кэккэлэригэр дьоһуннук киирдэ. Кини үһүс үктэлгэ тахсыбыт Денис Рябовы (Москва) 81 очукуонан кэннигэр хаалларан, эрэллээхтик үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Былырыыҥҥы бэстибээлгэ Евгений Птицын 428 очукуоланан төрдүс буолбута. Ити көрдөрүүтүн кини бу бэстибээлгэ 503-кэ тиэрдэн лаппа тупсарда. Онон сыл устата утумнаахтык дьарыктаммытын арылхайдык мэктиэлээтэ. Бу сырыыга кини чөмпүйүөн буолбут Денис Фоминтан (Москва) алта эрэ очукуонан быысаһан, үрүҥ көмүс призер буолла. Иллэрээ сыл Евгений Птицын СӨ Ил Дарханын Гранын ылан, дойдутугар успуорт бу көрүҥэ сайдарыгар болҕомтотун туһаайбыта.

Маны сэргэ, түргэн саахымакка Егор Федоров сэттэтэ оонньоон биэс кыайыылаах. Түмүк бүгүн биллиэҕэ.

Хаартыскалар А.Тарабукина тиксэриилэрэ

Альбина Тарабукина.

Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

10 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

11 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

11 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

12 часов ago