Мин, хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларын бүтэрбит киһи, Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар хараҕа суох интэллигиэннэр тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын.
Кинилэр бэйэлэрин сэмэй уонна уустук үлэлэринэн хараҕа суох оҕолору үөрэтиини сайыннарыыга тугунан да сыаналаммат кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Хараҕа суох уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолалара 1938 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүттэн чугас Доллу диэн дэриэбинэҕэ аһыллыбыта. Оскуола Арассыыйа Федерациятыгар бастакы анал оскуолалартан биирдэстэринэн буолар, быйыл 85 сылын туолла.
Ааспыт үйэ 1940-с сылларын бүтүүтүгэр бу оскуоланы бүтэрбиттэр орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэн барбыттара.
Өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьонунан Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа Федерациятыгар биллэр интэллигиэннэр буолаллар.
Илья Егорович Охлопков оскуоланы 1947 сыллаахха бүтэрбитэ. Хараҕынан олох көрбөт киһи Казаннааҕы судаарыстыбаннай университет юридическай факультетын уонна Казаннааҕы педагогическай институт историяҕа факультетын бүтэрэн, икки үрдүк үөрэҕи ылбыта. Хараҕа суох интэллигиэннэртэн бастакы учуонай, устуоруйа наукатын хандьыдаата, Саха сирин биллэр-көстөр адвоката Илья Охлопков Саха судаарыстыбаннай университетын устуоруйаҕа факультетын ССКП устуоруйатын кафедратыгар ыстаарсай преподавателынан үлэлээбитэ.
А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы педагогическай институту бүтэрбит Георгий Алексеевич Слепцов – 1948 сыллаахха хараҕа суох үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэрээттэрин кытта үөрэтэргэ ылсыбыт бастакы тифлопедагог, Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Саха сиринээҕи бырабылыанньатын солбуллубат бэрэссэдээтэлэ (биэнсийэҕэ тахсыар диэри 20-тэн тахса сыл устата), Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Киин бырабылыанньатын чилиэнэ.
Георгий Алексеевич 1947 сыллаахха биһиги оскуолабытын «туйгунунан» бүтэрэн баран, уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар үөрэҕин салҕаабыта. Биир сылынан биһиги оскуолабыт начаалынай кылаастарын учууталынан анаммыта, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены кэтэхтэн бүтэрбитэ уонна 1957 сыллаахха Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай университекка киирбитэ. Ол гынан баран, университекка өр үөрэммэтэҕэ, тоҕо диэтэххэ, кинини Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара.
1961 сыллаахха А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай пединститукка үөрэнэ киирэн, 1965 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ уонна бэйэтин оскуолатыгар үрдүк кылаастаах исписэлииһинэн кэлбитэ.
Аан дойдуга тиийэ биллэр эсперантист Юрий Вениаминович Писарев Саха судаарыстыбаннай университетын физика-математика факультетын 4 сыл иһигэр экстерынан бүтэрбитэ, олоҕун тухары үөрэммит оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбитэ.
Юрий Вениаминович омук тылларыгар дьоҕурдааҕа уонна математикаттан атын оскуолаҕа ньиэмэс тылыгар үөрэппитэ. Кини көмөтүнэн мин ньиэмэс тылын баһылаабытым.
Прокопий Петрович Романов биһиги оскуолабыт кэнниттэн Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын, култуурунай-сырдатар училищены, СГУ устуоруйаҕа факультетын бүтэрбитэ. Кини Алексеевскай оройуоҥҥа устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ, онтон 1972 сылтан сүүрбэттэн тахса сыл биһиги оскуолабытыгар устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ. Көрбөттөр ортолоругар нуучча дуобатыгар успуорт маастарыгар бастакы хандьыдаат, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэлэри ылбыта. Прокопий Петрович оскуолаҕа дуобат куруһуогун үлэлэтэрэ уонна кини үөрэнээччилэрэ дуобат өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарыгар бириистээх миэстэлэри ылбыттара, Хабаровскай кыраай нуучча дуобатыгар күрэхтэһиилэригэр хаста да чөмпүйүөннээбиттэрэ. Кинилэртэн үгүстэрэ нуучча уонна аан дойдутааҕы дуобакка успуорт маастарынан хандьытааттарынан буолбуттара.
Прокопий Петрович айылҕаттан уһулуччу талааннааҕа. Конферансьелыыра, Н.Островскай аатынан кулууп хорун солиһа этэ, сыанаттан түспэтэ, хомуска үчүгэйдик оонньуура, элбэх поэманы өйүттэн билэрэ.
Үчүгэйдик дуобаттыыра уонна саахыматтыыра, Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан сэттэ дуоскаҕа сеанс биэрэрэ. Итинник саахыматчыт, успуорт маастара өссө баара дуу, суоҕа дуу? Ол туһунан истибэтэҕим.
Прокопий Петрович олоҕун барытын үөрэммит оскуолатыгар анаабыта, манна солбуллубат устуоруйа учуутала этэ.
Биһиги оскуолабытыгар элбэх уһулуччулаах киһи үлэлээбитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ — хараҕынан көрбөт нуучча кыыһа бэйэтин билиитин көрбөт оҕолорго биэрээри, эдэркээн сааһыгар Ленинград уобалаһыттан кэлбитэ.
«Бочуот знага» уордьан кавалера, үлэ бэтэрээнэ Зыкова Зинаида Фёдоровна биһиги өйдөбүлбүтүгэр нуучча норуодунай ырыаларын ыллааччы олус бэһиэлэй киһинэн хаалар. Кини биһиги биир дойдулаахпыт Георгий Алексеевич Слепцовка кэргэн тахсыбыта уонна биһиги оскуолабытыгар оҕолорго дууһатын сылааһын биэрэн туран олоҕун тухары үлэлээбитэ.
Биһигини муусукаҕа Саха сирин хараҕа суох мелодистарыттан биирдэстэрэ, үрдүк билиилээх муусукаан Владимир Сергеевич Ким үөрэппитэ. Кини уруоктарыгар муусука төрүттэрин туһунан билбиппит, операны истэргэ үөрэммиппит. Биһиги хорбут куорат уус-уран самодеятельноһын көрүүгэ куруук бастакы миэстэлэри ылара, тоҕо диэтэххэ, түөрт куолаһынан ыллыырбыт. Бэл билигин улахан дьон хора эрэ барыта түөрт куолаһынан ыллаабат. Владимир Сергеевич үөрэнээччилэрэ бары баяҥҥа эрэ буолбакка, муусука атын үнүстүрүмүөннэрин баһылаабыттара. «Карусель» уонна «Фейерверк» курдук тиэхиньиичэскэй өттүнэн ыарахан мусукаалынай айымньылары оонньууллара.
Владимир Сергеевич үрдүк таһымнааҕын кини үөрэнээччитэ Николай Михайлович Иванов өр сылларга Култуура кэллиэһин преподавателынан үлэлээбитэ (биһиги оскуолаттан баян кылааһыгар Новосибирскайдааҕы консерваторияны бүтэрбит соҕотох кини). Кини биһиэхэ муусука учуутала эрэ буолбакка, иитээччи этэ. Кини хайысхатын билэн, торуоската суох сатаан сылдьара, биһиги тымныы кыһыммытыгар санныгар диэри куударатынан оонньоон, бэргэһэтин сэдэхтик кэтэрэ.
Сайын уонна кыһын бачыыҥканан сылдьара. Ол кэмҥэ Дьокуускайга кыһын хаатыҥканы эбэтэр киирсэ саппыкыны кэтэллэрэ. Мин биһиги тулуйбакка күүтэр «Вертолина» оонньууну ыытарын өйдүүбүн. Бу оонньуу билигин телевидение «Самый умный» биэриитигэр майгынныыра. Оонньуу биһиги билиибитин кэҥэтэрэ, сөптөөх харда иһин Брайль шрибинэн ыйытыга уонна эппиэтэ суруллубут карточканан наҕараадаланарбыт. Ким элбэх карточкалаах кыайыылаах тахсара. Биһиги маннык үрдүк ааты аныгыскы оонньууга диэри киэн тутта илдьэ сылдьарбыт, доҕотторбутугар улахан аптарытыаттанарбыт уонна оскуолаҕа саамай өйдөөхтөрүнэн аатырарбыт.
Владимир Сергеевич утуйаары сыттахпытына артыыс курдук кэпсиир сахалыы остуоруйаларын кэрэхсээн истэрбит.
Кэлин Владимир Сергеевич Дьокуускай куорат көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Дьокуускай куораттааҕы бастакы сүһүөх тэрилтэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан, уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. Кини бу эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьан, уопсастыба чилиэннэрин олорор усулуобуйаларын тупсарыыга элбэх үчүгэйи оҥорбута. Ити хараҕа суох исписэлиис үрдүк таһымнаахтык салайыан сөбүн көрдөрөр. Владимир Сергеевич өр сылларга Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырабылыанньатын президиумун чилиэнэ этэ. Президиум чилиэннэрэ уопсастыба чилиэннэрин үлэҕэ ылыыга уонна олорор дьиэнэн (ол иһигэр, тупсаҕай дьиэнэн) хааччыйыыга элбэх үлэни ыыталлара. Куорат исполкома сыл аайы икки тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэни биэрэрин ситиһэллэрэ.
Саха судаарыстыбаннай университетын физика-математика факультетын бүтэрбит Семён Романович Макаров Дьокуускай куорат 27-с нүөмэрдээх оскуолатыгар математика учууталынан үллээбитэ, онтон үөрэммит оскуолатыгар кэлбитэ. Кини ону таһынан А.И.Герцен аатынан Лениградтааҕы пединситут дефектологияҕа факультетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Семен Романович Көрбөттөр уопсастыбаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын үөрэтэр-производственнай тэрилтэтэ аһылларын ситиспитэ уонна бастакы дириэктэр этэ.
Бу сэмэй, үлэһит уонна чиэһинэй дьон биһиэхэ чаҕылхай холобурунан буолбуттара. Биһиги доруобай биир саастыылаахтарбытыныын тэҥҥэ орто анал уонна үрдүк үөрэххэ киирэрбитигэр, бүтэрэн булан үлэ буларбытыгар эрэли үөскэппитэ. Чахчыта да оннук этэ.
Кинилэр – Саха сирин хараҕа суох үөрэнээччилэрэ тэҥнэһиэхтэрин баҕарар кумирдара уонна өрөспүүбүлүкэбит киэн туттар дьоно.
Пантелеймон ЕГОРОВ, Хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларын 1969 с. бүтэрбитэ.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…