Саха сирин хас да оройуонун олохтоохторо астероиды кэтээтилэр
Ахсынньы 3 күнүттэн 4 күнүгэр диэри Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Сунтаар оройуоннарын олохтоохторо астероид түһэрин кэтээн көрдүлэр, социальнай ситимнэринэн видео уһулан тарҕаттылар.
Саха сиринээҕи ЫБММ кылаабынай управлениетыгар астеорид туох да хоромньуну таһаарбатаҕын иһитиннэрдилэр. Бу иннинэ Роскосмоска куйаар ситиминэн сиргэ астеороид түһэр кутталлааҕын туһунан сэрэппитэ.
Астероид Саха сиригэр түспүтэ олус сэдэх көстүү диэн учуонайдар быһаараллар. Бу туһунан «Известия» хаһыакка бэрэпиэссэр уонна РАН Метеориттарга кэмитиэтин чилиэнэ Виктор Гроховскай кэпсээтэ. «Сиртэн телескобунан космос олус кыракый чааһа эрэ кэтэнэр, онон бу астероид телескопка хабыллыбыта олус сэдэх көстүү. Астрономнар астероид түһэр сирин хойутаан ааҕан-суоттаан таһаарбыттара. Ити, уопсайынан, ситиһии», — диэн кини иһитиннэрдэ.
Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Сунтаар оройуоннарын олохтоохторо ураты көстүүнү — комета кутуругун көрөн бэлиэтээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: