Саха сирин Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев: «Биһиги бэрэсидьиэммит – Арассыыйа туруктаах буолуутун уонна сайдыытын мэктиэтэ»
Идэлээх сойуус бас-көс киһитэ Николай Дегтярев дойду баһылыгар саҕалаабыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэригэр – Арассыыйаны дьиҥнээхтик тутулуга суох уонна сувереннай оҥороругар бириэмэтэ биэриэҕиҥ диэн санаатын үллэһиннэ.
“Дойду ыарахан кэмигэр, дойду иэскэ-күүскэ олорор, террористар куруук суоһурҕанар, бырамыысыланнас эстибит, олигархтар баһылаабыт, хамнас, социальнай төлөбүрдэр төлөммөт кэмнэригэр былааска кэлбитэ.
Кини бастакы дьаһалыттан былааска Аҕа дойдутун дьиҥнээх патриота кэлбитэ тута биллибитэ, — диэтэ Дегтярев.
Саха сирин Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ маннык диэтэ: “ Дойдуну салайыы түһүмэхтэрин ааспытын кэннэ биһиги Бэрэсидьиэммитинэн киэн туттабын уонна миигин кытта дойду үгүс олохтоохторо киэн тутталлар. Кини Конституцияны эрэ мэктиэлээччи буолбакка, дойдубут туруктаах уонна сайдыылаах буолуутун мэктиэтэ диэн бигэтик этэбин.”
Дегтярев этэринэн, биллэриллибэтэх сэрии бара турар балаһыанньатыгар, өстөөхпүт биһиги Аҕа дойдубутун имири эһэр сыалы туруорар кэмигэр биһиги бас-көс киһибит тула түмсүөхтээхпит. “Киниэхэ саҕалаабыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэригэр, дойдубутун дьиҥнээхтик тутулуга суох сувереннай оҥороругар бириэмэтэ биэриэҕиҥ. Бары түмүстэхпитинэ эрэ бары ыарахаттары этэҥҥэ ааһыахпыт”, — диир Николай Дегтярев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: