Саха сирин икки киинэтэ аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин шорт-лииһигэр киирдилэр
«Стражи Арктики. Якутские поморы» уонна «Кыталыктаах кырдалым» диэн Саха сиригэр уһуллубут киинэлэр «Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот сомоҕолоспут сиригэр» IV аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин шорт-лииһигэр киирдилэр. Киинэ бэстибээлэ алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Архангельскай уобаласка буолуоҕа. Ол туһунан РФ Кинематографистарын сойууһугар эттилэр.
Анжелика Тупицына «Стражи Арктики. Якутские поморы» киинэтэ документальнай киинэлэр куонкурустарыгар кыттыаҕа, оттон Михаил Лукачевскай киинэтэ толору кээмэйдээх оонньуур киинэлэргэ кыттыаҕа.
Куонкуруска үс дойдуттан 59 сайаапка киирбит. Толору кээмэйдээх оонньуур киинэлэргэ 6 киинэ кыттар, кылгас кээмэйдээхтэргэ – 8, документальнай киинэлэргэ – 30, билим-популярнай киинэлэргэ – 15.
«Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот сомоҕолоспут сиригэр» – соҕотох бөдөҥ кросс-култуурунай бырайыак буолар, кини Арассыыйа элбэх омуктаах, элбэх конфессиялаах култууратыгар ананар, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр ананар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: