Саха сирин икки киинэтэ аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин шорт-лииһигэр киирдилэр

Share

«Стражи Арктики. Якутские поморы» уонна «Кыталыктаах кырдалым» диэн Саха сиригэр уһуллубут киинэлэр  «Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот сомоҕолоспут сиригэр» IV аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин шорт-лииһигэр киирдилэр. Киинэ бэстибээлэ алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Архангельскай уобаласка буолуоҕа. Ол туһунан РФ Кинематографистарын сойууһугар эттилэр.

Анжелика Тупицына «Стражи Арктики. Якутские поморы» киинэтэ документальнай киинэлэр куонкурустарыгар кыттыаҕа, оттон Михаил Лукачевскай киинэтэ толору кээмэйдээх оонньуур киинэлэргэ кыттыаҕа.

Куонкуруска үс дойдуттан 59 сайаапка киирбит. Толору кээмэйдээх оонньуур киинэлэргэ 6 киинэ кыттар, кылгас кээмэйдээхтэргэ – 8, документальнай киинэлэргэ – 30, билим-популярнай киинэлэргэ – 15.

«Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот сомоҕолоспут сиригэр» – соҕотох бөдөҥ кросс-култуурунай бырайыак буолар, кини Арассыыйа элбэх омуктаах, элбэх конфессиялаах култууратыгар ананар, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр ананар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

8 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

9 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

9 часов ago