Салгыы
Саха сирин икки нэһилиэгэр арыгы атыытын бобуу сокуонунан бигэргэниэҕэ

Саха сирин икки нэһилиэгэр арыгы атыытын бобуу сокуонунан бигэргэниэҕэ

22.02.2024, 12:00
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр дьон-сэргэ, уопсастыбаннас көҕүлээһининэн, чөл олохтоох нэһилиэктэр ахсаана элбиир.  Олунньу 28-29 күннэригэр  Ил Түмэҥҥэ бэһис ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара арыгыттан аккаастанар нэһилиэктэр сокуон барылларын көҕүлээһиннэрин көрүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.

Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтэ буолаары турар пленарнай мунньахха нэһилиэктэргэ арыгыны атыылааһыны бобор  туһунан икки сокуон барылын киллэрэргэ былаанныыр.  Ол курдук, олохтоох нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэттэрин көҕүлээһиннэринэн, Сунтаар улууһун «Аллыҥа нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии Аллыҥа сэлиэнньэтигэр уонна Ньурба улууһун «Малдьаҕар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии Быһыттаах сэлиэнньэтигэр арыгы атыытын бобуу өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарынан бигэргэниэҕэ.

Аллыҥа сэлиэнньэтин баһылыга Николай Спиридонов этэринэн, бу дьаһал нэһилиэнньэҕэ уонна үүнэр көлүөнэҕэ чөл олоҕу олохтуурга, сокуону кэһии тахсыытын туоратарга нэһилиэнньэ санаатын учуоттаан туран, сөптөөх быһаарыы ылыныллыбыт.  Оттон Быһыттаах сэлиэнньэтин баһылыга Александр Степанов быһаарыытынан, билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэккэ арыгы борудууксуйатын атыылыыр саҥа маҕаһыын аһыллара күүтүллэр. Манна даҕатан, нэһилиэк олохтоохторо арыгы атыытын боборго этии киллэрбиттэр. Ону сэргэ 2015 сылтан билиҥҥэ диэри тыа сиригэр арыгы бородууксуйата атыыламматаҕа бэлиэтэннэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, «Чөл туруктаах нэһилиэк» хамсааһын сылтан сыл кэҥээн иһэр. Олохтоох дьаһалта сокуонунан нэһилиэккэ арыгы атыытыттан толору босхоломмут сиринэн биллэрэр бырааптаах. Билигин Саха сирин үрдүнэн арыгыттан аккаастаммыт барыта 2000-тан тахса нэһилиэк баар.

+1
5
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: