Саха сирин икки тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа

Share

Саха сирин легионердара Арыйаан Тютрин уонна Ньургун Скрябин Беларусь аатыттан көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр кытталлар. Чөмпүйэнээт Албания киин куоратыгар Тиранаҕа алтынньы 28-31 күннэригэр ыытыллар. Бу туһунан СӨ сүүмэрдэммит хамаандаларын спортивнай бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи киин иһитиннэрэр.

Чөмпүйэнээккэ олимпийскай ыйааһыҥҥа суох категориялардаах тустууктар кытталлар. Парижтааҕы Олимпиадаҕа кыттыбыт спортсменнары аһардыбаттар.

Арыйаан Тютрин 61 киилэҕэ, Ньургун Скрябин 70 киилэҕэ тустуохтара. Бэйэлэрин категорияларыттан биирдии ыйааһын үрдээн кытталлар.

Күрэхтэһии сэрэбиэйэ ыытыллыбыта. Арыйаан Тютрин бастакы утарсааччытынан Монголияттан Цогбадрах Цевенсурен, оттон Ньургун Скрябин утарсааччытынан Ирантан Сина Махди буоллулар.

Тустууктар бүгүн, алтынньы 30 күнүгэр, көбүөргэ тахсыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Киһи өлүүлээх суол саахалын таһаарбыт дьахтар 2,5 сылга көҥүлэ быһыллыаҕа

Дьокуускай борокуратуурата олохтоох дьахтарга тэриллибит холуобунай дьыаланан судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Дьахтар РФ Холуобунай кодексын 264…

7 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха сирин икки киинэтэ аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин шорт-лииһигэр киирдилэр

"Стражи Арктики. Якутские поморы" уонна "Кыталыктаах кырдалым" диэн Саха сиригэр уһуллубут киинэлэр  «Арассыыйалыын көрсүһүү. Норуот…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Жатай-Төхтүр хайысханан таһаҕаһы тиэйиини тохтотуу алтынньы 31 күнүгэр диэри уһаата

Жатай-Төхтүр хайысханан таһаҕаһы тиэйиини тохтотуу быһа холоон алтынньы 31 күнүгэр диэри уһаата СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ бүгүн,…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри – пенята суох төлүүр “Прощеные дни” аахсыйа

Саха сиригэр бу дьыл  сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун пенята…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьокуускайга Алексей Томтосов туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

Алтынньы 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар киин куорат култууратын олоҕор кэрэ-бэлиэ күн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга баһаар буолбут сириттэн эр киһи өлүгүн буллулар

Саха сиригэр суукка иһигэр тоҕус буруйу оҥоруу биэлиэтэннэ диэн СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр. Дьокуускайга 1985…

2 часа ago