Саха сирин Ил Дарханын граннарын куонкуруһугар 100 мөл солк. тахса көрүлүннэ

Share

СӨ Ил Дарханын граннарын куонкуруһун сүрүннүүр хамыыһыйа мунньаҕар 2024 сылга граннары биэриигэ 16 социальнай суолталаах хайысха бигэргэннэ. Ол иһигэр ыччат бэлиитикэтигэр, дойдумсах гына иитиигэ, волонтердарга, дьиэ кэргэни уонна оҕону өйөөһүҥҥэ, тыллары сайыннарыыга, социальнай хайысхалаах кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ уо.д.а.

Быйыл Саха сирин Ил Дарханын граннарын эрэгийиэннээҕи куонкуруһун суумата 102 мөл тахса солк. тэнэһэр.

“Сайаапкалары кулун тутар 25 күнүттэн тутуу саҕаланыаҕа уонна 2024 сыл муус устар 23 күнүгэр диэри 30 күн устата буолуоҕа. Араас эйгэлэртэн 45 эспиэр кыттыаҕа. Федеральнай таһымнаах эспиэр сыаналыыр үлэни сүрүннүөҕэ”, — диэтэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.

Куонкурус туһунан иһитиннэри иуонна ирдэнэр докумуоннары бүгүн https://grants.yakutia.click цифровой аналитическай платформаҕа, ону тэҥэ Ыччат дьыалаларыгар министиэристибэ https://minmol.sakha.gov.ru/ саайтыгар тахсыаҕа.

Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэрин иһигэр Бэрэсидьиэн граннарын пуондун уонна Култуура көҕүлээһиннэрин бэрэсидьиэн пуондатын куонкурустарыгар киллэрбит көҕүлээһиннэринэн инники күөҥҥэ сылдьар.

Куонкуруһу ыытыыга  гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга 414 сайаапка киирбитэ, итинтэн уопсайа 117 мөл солкуобай суумалаах 71 бырайыак өйөммүтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago