Саха сирин ИТ-хампаанньалара  АЛРОСА-лыын бииргэ үлэлииллэр

Share

Үлэ кыбартаалыгар олохтоох саҥа бырайыактар питчиннарын ыыттылар. Быйыл  АЛРОСА соруктарыгар  анаан, Саха сирин  IT-хампаанньаларын  күүһүнэн саҥа бырагыраама-бородуукталары оҥоруу саҕаламмыта.  Саҥа бырагыраама-бородуукталары хампаанньаҕа уонна кини хос  тэрилтэлэригэр эрэ буолбакка, атын да алмааһы хостуур хампаанньаларга  туһанар былааннаахтар.

Онуоха Дьокуускайга  Үлэ кыбартаалын дьиэтигэр IT-индустрия салаатыгыр саҥа олохтоох бырайыактар питчиннарын ыыттылар. АЛРОСА соругу туруорааччы  быһыытынан  IT-хампаанньалар салааҕа туһаныллар хаачыстыбалаах, күрэстэһэр кыахтаах бородууктаны оҥороллоругар көмөлөһөр.

Түмүк быһаарыылары хампаанньаҕа бэйэтигэр эрэ туһамматтар — бырайыактар АЛРОСА-ҕа туһаныллыбыттарын кэннэ  атын да хайа рудалаах хампаанньаларга киэҥник туһаныллыахтарын сөп.

«Бүгүн биһиэхэ олус суолталаах сиэссийэ. Биһиги АЛРОСА-ны кытары саҕалаабыт үлэбитин уопсастыбаннас,  IT-исписэлиистэр  бэл,  федеральнай таһымҥа хайыы үйэ улаханнык кэрэхсииллэр. Бу үлэ  хампаанньаҕа  эрэ буолбакка, биһиги ИТ-салаабытыгар туһаны аҕалыаҕа”, — диэн СӨ инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов эттэ.

АЛРОСА уонна Саха сирин инновацияҕа  сайдыытын пуондатын кытары 100 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа бииргэ үлэлиир туһунан дуогабарга быйыл тохсунньуга илии баттаммыта. Бу үбүнэн үс сыл устата  ИТ-Парка резиденнэрин күүһүнэн холбоһуктаах ИТ-быһаарыылар ылыллыахтара.

«Хампаанньа РФ  сыыппаралаах  сайдыыга  министиэристибэтэ бигэргэппит стратегиялаах, онно бырагырааманан  хааччыллыы бары араҥатын солбуйар тэрээһиннэр былааннара киирэллэр.  Биһиги билигин икки бырайыагы үлэлэтэбит.  Бастакыта – мэдиссиинискэй хабааннаах, иккиһэ авиахампаанньаҕа аналлаах, ол эбэтэр авиационанй двигателлар мониториннарын систиэмэтин оҥоруу. Биһиги Саха сирин  бырагырааманы оҥорооччуларын  атын быһаарыыларын уонна этиилэрин көрүөхпүт, кинилэр бородуукталарын атыылаһыахпыт дии саныыбыт. Ол курдук, быйын 5-6 бырайыагы талыахпыт уонна уонна үлэбитин  саҕалыахпыт. Бу – саҕалааһын эрэ, бастакы сылбыт эрэ буолар. Биһиги оробуочай быһаарыылары түмүктүөхпүт уонна эһиил салҕыахпыт диэн эрэнэбин”, — диэн АЛРОСА иһитиннэрэр технологияларга дириэктэрэ Максим Каданцев бэлиэтээн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Кэнники сылларга успуорт 50 бөдөҥ эбийиэгэ тутулунна

2018 сылтан Саха сиригэр успуордунан дьарыктанарга, улахан күрэхтэһиилэри ыытарга анаан 50 эбийиэк тутуллубут. Бу туһунан СӨ…

2 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу күнүн-дьылын билгэтэ

Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ Бэстээх сэлиэнньэтигэр уотунан ититиини холбуохтара

Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайбыта. Билигин онно уотунан ититиини холбууллар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Айылҕа улуу дьоҕурдаахтара: Чачыгыр Таас Ойууну ыҥырыылара

"Улуу ойуун күүһэ биэс үйэ өһүллүбэт" дииллэр эбит. Чачыгыр Таас Ойуун 1500-1600 сс. кэмҥэ, олорон ааспыт…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр — ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр эһигини СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр күүтэллэр. Тохсунньу 3, 4, 5 уонна 6…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга хас оҕо төрөөтө?

Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар 10721 оҕо күн сирин көрбүт: 5443 уол,…

3 часа ago