Саха сирин Казачай кылаастарын хамаандата бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх түһүмэҕэр бастаата

Share

Хабаровскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы успуорт оонньууларын эрэгийиэннээҕи-байыаннай түһүмэҕэ: «Готов к труду и обороне» казак ыччатын сүлүөтэ буолан ааста. Тэрээһини Уссурийскай войсковой казачай уопсастыбата ыытта.

Күрэхтэһиигэ Саха сириттэн, Амурскай, Сахалинскай уобаластартан, Хабаровскай кыраайтан хамаандалар кэлэн кытыннылар.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хас даҕаны күн күрэхтэһээччилэр атынан айаҥҥа, буулдьанан ытыыга, ханаатынан тардыһыыга, сүүрүүгэ, хаамыыга, гранатаны быраҕыыга, гиирэни анньыыга, мини-футболга, историческай квесткэ күрэхтэстилэр. Ону таһынан ыччаттар «Хамаанда визитнэй карточката», «Оллоон аттыгар» айар куонкурустарга кытыннылар.

Күрэхтэһии казачай хамсааһыны тарҕатыы, ыччакка патриотическай тыыны иҥэрии, байыаннай сулууспаҕа бэлэмнээһин уонна Аҕа дойдуга сулууспаҕа бэлэми көрдөрүү сыаллаах ыытылынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago