Салгыы
«Саха сирин киэн туттуута» Валерий Мярин

«Саха сирин киэн туттуута» Валерий Мярин

15.12.2022, 11:30
Бөлөххө киир:

“Саха сирин киэн туттуута” норуодунай бириэмийэ кыттыылаахтарынан эрэгийиэн социальнай уонна прогрессивнай сайдыытыгар көмөлөөх дьон буолаллар. Быйыл “Саха сирин шахтера” номинацияҕа АЛРОСА Айхал-Удачнинскай анал шахта тутуутун управлениетын начаалынньыга Валерий Мярин кыайда. Кини түмүккэ 8 172 куолаһы ылла.

Валерий Мярин хайа бырамыысыланнаһыгар хайыы үйэ 15-с сылын үлэлиир. Кини эппитинэн,  кэскиллээх  бириэмийэҕэ кыайыы   дьиэ кэргэнигэр улахан үөрүүнү аҕалла. Валерий  кэргэниниин түөрт оҕолоохтор. Улахан кыыстара устудьуонка, уоллара уонна орто кыыстара оскуолаҕа үөрэнэллэр, онтон кыралара – “Алмазик” уһуйаан иитиллээччитэ.

«Биһиги “Саха сирин шахтера” номинацияҕа кыайбыппын истэн олус соһуйбуппут. Мин дьиэ кэргэним мин үлэм эйгэтигэр  ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Кэргэним уонна оҕолорум мин ситиһиилэрбиттэн олус үөрдүлэр. Мин санаабар, бу – биһиги уопсай кыайыыбыт. Дьиэ кэргэним аҕаларынан киэн туттар. Шахтер үлэтигэр саамай  тулуурдаахтар уонна эппиэтинэстээхтэр үлэлииллэр. Манна дьон тулуурдаах, болҕомтолоох уонна дьиссипилиинэлээх буоларга үөрэнэр”, — диэн кыайыылаах кэпсиир.

Валерий шахтер үлэтигэр 2007 сыллаахха кэлбитэ, үлэтин сир анныгар хайа оробуочайын быһыытынан саҕалаабыта. 2010-2020 сылларга  бырамыысыланнаска куттал суох буолуутугар уонна үлэ харыстабылыгар  сүрүн инженер уонна кылаабынай инженери солбуйааччы, управление кылаабынай инженерэ курдук салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ. 2021 сыллаахха АЛРОСА Айхал-Удачнай анал шахтаны тутар управлениетын  начаалынньыгын дуоһунаһыгар анаммыта.

Мярин бэйэтин идэтигэр сүрүн ситиһиилэриттэн биирдэстэринэн хампаанньа рудниктарын тутууга саҥа каадырдары тардыыны ааттыыр. Шахтер үлэтэ чэпчэкитэ суох, эт-сиин өттүнэн үчүгэй бэлэмнэниини ирдиир. Кини шахтер идэтигэр  маастар үрдүк таһыма олус суолталааҕын бэлиэтиир.

«Мин быһаччы салайыыбынан үлэҕэ саҥаны киллэрии, оҥорон таһаарыы үлэлэрин, управлениеҕа  материальнай кыахтары  уонна уот ресурсаларын экэниэмийэлээһин, хоромньуну кыччатар дьаһаллары толкуйдааһын уонна олоххо киллэрии боппуруостара быһаарыллыбыттара”, — диэн Валерий Мярин эбэн этэр.

Шахтердар күннээҕи олоххо солбуллубат ресурстары оҥороллор. Кинилэр чоҕу, никели, алтан-цинк рудаларын, алмааһы уонна көмүһү хостууллар.

«Бу идэни сэргиир уонна бырамыысылыннаска үлэлии кэлиэн баҕалаахтарга ыарахаттартан чаҕыйбаттарыгар сүбэлиэм этэ. Боруобалаан көрүөххэ наада – киһи кыайбата диэн суох. Бэйэҕитигэр эрэниҥ!” – диир Валерий Мярин.

Биһиги дьоруойбут этэринэн, кини идэтэ  олус дьоһуннаах уонна наадалаах.

“Бырамыысыланнас эйгэтэ, чуолаан шахтер үлэтэ,  киһиэхэ  эр санааланыыны биэрэр. Туохтан да куттанымаҥ, иннигит диэки баран иһиҥ, науканы чинчийиҥ. АЛРОСА-ҕа сөптөөх хамнаһы ылаҕын, олус үчүгэй социальнай өйөбүллээх. Онон,  Саха сирин ыччатын АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлии кэлэригэр ыҥырыам этэ. Мин “Саха сирин киэн туттуута” бириэмийэҕэ маннык үрдүк билиниини ылбыппыттан олус долгуйбуппун биллэрэбин. Бу – мин эрэ наҕараадам буолбатах, бу – хампаанньа  бары кэлэктиибин үтүөтэ-өҥөтө. Ону таһынан миигин өйөөбүт дьоҥҥо барыларыгар – Саха сирин олохтоохторугар, АЛРОСА хампаанньаҕа биир идэлээхтэрбэр уонна миэхэ куоластаабыт дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн махтанабын. Кыайыы – миэхэ улахан чиэс уонна бу улахан билиниини киэн тутта илдьэ сылдьыам”, — диир бүгүҥҥү дьоруойбут.

Валерий – АЛРОСА 30 тыһыынчаттан тахса үлэһититтэн, сир аннынааҕы хостооһунунан дьарыктанааччылартан биирдэстэрэ. Ол гынан баран, хампаанньа үлэтэ өссө киэҥ уонна бриллиант карьертан саҕалаан биһилэххэ тиийэ “ааһар” суолун хабар: геология чинчийиилэриттэн уонна саҥа сирдэри арыйыыттан саҕалаан, тугунан да сыаналаммат бриллианнаах ювелирнай киэргэли оҥорууга тиийэ. Хампаанньа билигин – Саха сиригэр үлэни биэрээччилэртэн саамай улаханнара. Бигэ туруктаах үлэни көрдүүр уонна  бэйэ сайдарыгар дьулуһар хас биирдии киһи манна үлэлии киирэр кыахтаах.

          (АЛРОСА пресс-сулууспата)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: