Сэтинньи 6 күнүгэр Саха сирин уонна Амурскай уобалас кыраныыссаларыгар норуот күүһүнэн тутуллубут стела турда. Сиэри-туому тутуһан, уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан, алҕаан арыйдылар. Бу Саха сирин уратытын көрдөрөр дьоһун тутуу буолла.
Саха АССР 100 сылыгар тутуллубут стеланы туруоруу туһунан идиэйэ биир сыллааҕыта киирбитэ. Манна “Саха дьоһун уолаттара” уопсастыбаннай түмсүү, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, уопсастыбанньыктар, урбаанньыттар үп-харчы хомуйан, кыттыспыттара.
Манна диэн эттэххэ, бырайыагы СӨ тырааныспарга министиэристибэтэ, тас сибээскэ министиэристибэ, Нерюнгри оройуонун дьаһалтата, “Лена” суол тэрилтэтэ өйөөбүттэрэ.
Чахчыта, бу иннинээҕи сурук эргэрбитин аанньа, көстүүтэ суох этэ. Атын эрэгийиэннэртэн кэлбит дьон, бастатан туран, хас улуус, сэлиэнньэ аайы киирэр суолга сир-дойду уратытын кэпсиир стела турарын сэргииллэр. Оттон бүтүн өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар маннык сууллан эрэр сурук турбута, чахчы, кыбыстыылаах этэ.
Оттон бу бырайыагы дьон-сэргэ, уопсастыбанньыктар көҕүлээбиттэрэ хайҕаллаах. Мантан ыла Саха сиригэр киириигэ дьоһун стела уоттанан-күөстэнэн, ыраахтан сандааран-күндээрэн, кэлбит дьону уруйдуу көрсүөҕэ. Стела бөҕө-таҕа атахха турда, өрөспүүбүлүкэ каартата, көмөлөспүт дьон испииһэктэрэ, о.д.а. баар.
Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…
Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…
Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай? Ахсынньы 14 күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…
Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…
Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…