Саха сирин олохтоохторо Дьокуускай куорат Норуоттар Доҕордоһууларын болуоссатыттан балаҕан ыйын 14 күнүгэр киэһэ 18:00 чаастан “Культура.РФ” портал уонна “Саха” НКИХ быһа эпииригэр ыытыллар быһа биэриигэ кыттыахтара.
“Биир Арассыыйабыт!” бэстибээл чэрчитинэн бу күннэргэ ыытыллар улахан тэрээһиннэр бырагыраамаларыгар кэнсиэрдэр, айар көрсүһүүлэр, сэлэлээн хаамыы курдук тэрээһиннэр буолуохтара. Арассыыйа 12 эрэгийиэниттэн айар кэлэктииптэри түмэр, эспиэрдэр уонна уустары түмэр быыстапкалар, төгүрүк остуол ыытыллыахтара.
Норуот айымньытын уонна үгэстэрин бэстибээлэ — гражданскай-патриотическай иитиигэ уонна духуобунай-сиэрдээх сыаннастары бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт саамай улахан социальнай суолталаах этнокултуурунай бырайыак. 2024 сылга “Биир Арассыыйабыт!” бырайыак 10 сылын туолар. Бу сыллар усталарыгар 1000-тан тахса айар бөлөх, толорооччулар уонна декоративнай-прикладной ускуустуба маастардара, ол иһигэр ыччат айар кэлэктииптэрэ кыттыыны кыттыыны ыллылар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы “Биир Арассыыйабыт!” Норуот айымньытын уонна үгэстэрин түмэр III Бэстибээл-бырааһынньыгын төрүттээччилэринэн уонна тэрийээччилэринэн РФ култуураҕа министиэристибэтэ, В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай норуот айымньытын дьиэтэ, Луганскайдааҕы норуодунай өрөспүүбүлүкэ култуураҕа министиэристибэтэ, «Луганскайдааҕы норуот айымньытын киинэ» судаарыстыбаннай уһуйаана, СӨ Култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын киинэ буолаллар.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…