Салгыы
Саха сирин маастардарын үлэлэрэ сөхтөрдө

Саха сирин маастардарын үлэлэрэ сөхтөрдө

04.03.2023, 21:38
Хаартыска уонна видео - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Бүгүн А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр XIII «Саха сирин маастардара» быыстапка-дьаарбаҥката үлэлээтэ. 

Бары улуустан бэрт үгүс киһи кэлбит буолан, эбиэт саҕана кыттааччы да, көрөөччү да олус элбээн, Өксөкүлээх дьиэтэ, бэл, кыараан хаалбыт курдук буолан ылла.

Иккис этээскэ хас да сааланан тыһыынчанан маастар үлэтэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын быыстапкалара — киһи хараҕа халтарыйар дьаарбаҥката! Саамай баай уонна дьон сылдьар саалатынан улуустар мустан тэрийбит быыстапкалара буолла. Манна араас киһини сөхтөрөр үлэ баар. Үгүс дьон болҕомтотун быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар Өймөкөөн улууһа туруорбут быыстапката ылла.

Ити курдук, «Саха сирин маастардара» сыл аайы буолар быыстапка быйыл кыттааччыта өссө элбээн,  араас киһи сөҕөр үлэтэ үксээн, Өксөкүлээх аатынан уораҕайга баппат буолбут. Онон быыстапка кыттааччылара «эһиилгиттэн  бу тэрээһин «Триумфка» ыытыллара  буоллар» диэн баҕа  санааларын тиэрдэллэр. 
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: