Саха сирин мэдиссиинэ үлэһиттэрин Идэлээх сойууһа байыастарга көмө оҥордо
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин идэлээх сойуустарын рескомугар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттигэр гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар.
От ыйыгар, уоппуска кэмэ саҕаламмыта да буоллар, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ үп-харчы хомуйуутун уонна өйөбүл аахсыйыларын тэрийэн ыыппыттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх клиническэй балыыһатыгар эми-тому, аптечкалары уонна биир идэлээхтэригэр-байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар утуйар спальниктары хомуйбуттар, оттон волонтердар анал таҥас тикпиттэр. «Фтизиатрия» киинэ 23 тыһыынча солкуобайга эмп-томп уонна бэрэбээскэлиир сириэстибэлэри ыыппыттар. Бүлүү оройуоннааҕы киин балыыһата 280 тыһыынча солкуобайга көмө оҥордо, биэс маскировочнай сиэткэни оҥорон ыытта. Өймөкөөҥҥө киин балыыһа үлэһиттэрэ 90 тыһыынча солкуобай суумаҕа бастакы наадалаах таһаҕаһы, эми-тому уонна минньигэс аһылыгы хомуйдулар.
Ону тэҥэ үп-харчы Хаҥаласка, Аммаҕа, Сунтаарга уонна Үөһээ Бүлүүгэ хомулунна. Идэлээх сойуус киирбит сайабылыанньалыран байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анал матырыйаалынай көмөнү оҥордо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: