Саха сирин миэдиктэрэ байыаннай госпиталларга үлэлииллэр

Share

Быраастар саҥа бөлөхтөрө Ростовка барбыт. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.

«Биһиги мэдиктэрбит үлэлэрэ Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөр. Саха сирин быраастара Арассыыйа хас да байыаннай госпиталларын кытта ыкса сибээһи олохтоотулар уонна байыаннай быраастары кытары тэҥҥэ бааһырбыт байыастарга көмөлөстүлэр. Быраастар бөлөхтөрө бу хайысханан үлэтэ салҕанар», — диэн этэр Лена Афанасьева.

Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатын кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан, байыаннай госпитальга үлэлии барар быраастар бастакы бөлөхтөрүн салайбыта.

«Командировка кэмигэр биһиги Ростовка байыаннай госпитальга тиийэргэ быһаарыммыппыт. Бастаан онно кэлэллэр, бааһырбыт байыастар. Миэстэтигэр быраастар бааһырбыт байыас туругун, эмтэнэригэр арыаллааһыны, чөлүгэр түһэриини  салгыы арыаллааһыны  быһаараллар. Төрөөбүт Сахаларын сириттэн быраастар бааллара байыастарга тирэх буолар. Кинилэр бу уустук кэмҥэ дойдуларын өйөбүлүн билэллэр«, — диир Светлана Давыдова.

Саҥа бөлөҕү Муома оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Яков Бережнев салайар. Биригээдэҕэ – хирург, анестезиолог-реаниматолог,  травматолог, медицинскэй  психолог бааллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago