Саха сирин мобильнай быраастарын биригээдэтэ Үөһээ Дьааҥыга айаннаата

Share

Былаан быһыытынан Саха сирин мобильнай биригээдэтин быраастара Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар кулун тутар 27 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ.

Быраастар Табалаах, Адыаччы, Алыһардаах, Сайдыылаах, Оһохтоох, Чөрүмчэ уонна Хайыһардаах нэһилиэктэр олохтоохторун хабыахтара. Ол кэннэ мобильнай быраастар биригээдэлэрэ кулун тутар 12 күнүгэр  Аллараа Халымаҕа, Усуйаанаҕа, Орто Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө уонна Аллараа Халымаҕа тиийиэхтэрэ.

Ити кэмҥэ стоматологическай бөлөх быраастара Орто Халымаҕа көтөргө бэлэмнэнэллэр. Эбэх, Сылгы Ыытар уонна Хатыҥнаах нэһилиэктэргэ сылдьыахтара. Өлүөнэ уонна Усуйаана оройуоннарыгар оҕо исписэлиистэрэ кулун тутар 18 күнүгэр тиийэллэрэ былааннанар.

Бу иннинэ элбэх хайысхалаах Саха сиринээҕи мобильнай быраастарын биригээдэтэ Аллараа Халымаҕа уонна Эбээн-Бытантайга сылдьан, тыһыынчаттан тахса оҕону бэрэбиэркэлээбитэ.

Санатан эттэххэ, «Мобильнай биригээдэ Саха сиринээҕи киинэ» бырайыагы Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ. Бу үлэ Саха сиригэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан мэдэссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуланар.

 СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

3 часа ago