Саха сирин наркологтарын үлэтэ дойдуга инники сайдыылааҕынан билинилиннэ
Саха сирин наркологията салгыы саҥа саҕахтары арыйар. 2022 сыллаахха Наркология диспансера «За подвижничество в области психического здоровья» Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэни ылбыта. Бу мэдиссиинэ тэрилтэтэ быйыл анал көмөнү оҥоруутун иһин В.П.Сербскай аатынан институт эспиэрдэрин үрдүк сыанабылын ылла. Саха сирин наркологтарын реабилитацияҕа бырагыраамаларын дойдуга саамай сайдыылааҕынан уонна бастыҥынан билиннилэр.
От ыйын 24-27 күннэригэр Наркология диспансерыгар Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин В.П.Сербскай аатынан институтун сүрүннүүр эспиэрдэрин бөлөҕө кэлэ сырытта. Аудиторскай хамыыһыйа сыалынан-соругунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Психиатрия-наркология” хайысхаҕа мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруу туругун үөрэтии буолбута. Аудиты уопуттаах эспиэрдэр: мэдиссиинискэй наука хандьытаата, Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин В.Б.Сербскай аатынан институтун килиниичэскэй психофармакологияҕа отделениетын наукаҕа сүрүннүүр үлэһитэ Анна Лобачева, РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин В.Б.Сербскай аатынан институтун 1-кы килиниичэскэй отделениетын сэбиэдиссэйэ, психиатр-нарколог быраас Валерия Силаева, мэдиссиинискэй наука хандьытаата, РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин В.Б.Сербскай аатынан институтун 1-кы килиниичэскэй отделениетын психиатр-нарколог бырааһа Анастасия Козырева ыыттылар.
Исписэлиистэр Наркология диспансерын структурнай подразделениеларын билистилэр, Кангаласс бөһүөлэгэр реабилитация отделениетыгар уонна Нам улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын иһинэн үлэлиир психиатр-нарколог быраас кэбиниэтигэр сырыттылар. Кинилэр эмтээһин уонна эмтэнээччилэри кытары үлэ ньымаларын, стандартары уонна килиниичэскэй этиилэри толорууну үөрэттилэр.
Хамыыһыйа уопсайынан анал көмөнү тэрийиигэ уонна көмө хаачыстыбатыгар үрдүк сыанабылы биэрдэ. Ордук эмтэнээччилэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ оҥоһуллубут усулуобуйаны сыаналаатылар, реабилатация бырагыраамата көдьүүстээҕин, арыгылааһыны сэрэтии уонна арыгыттан тутулуктаахтары эмтээһин тиһигин, кинилэри кытары сөптөөх хантаагы бэлиэтээтилэр.
Эспиэр Анна Лобачева:
“Билигин Саха сиригэр ыытыллар реабилитация дойдуга барытыгар саамай инники сайдыылаах уонна бастыҥ. Саха сирин наркологтарын реабилитацияҕа бырагыраамаларын РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ холобур быһыытынан көрөр”, — диэн Саха сиригэр наркотиктан тутулуктаныы көрдөрүүтэ намыһаҕын бэлиэтээтэ. – Көрдөрүү атын эрэгийиэннэрдээҕэр уонна дойду орто көрдөрүүтүттэн намыһах. Бу олус үчүгэй уонна суолталаах көрдөрүү”.
Эспиэрдэр ону таһынан наркология сулууспатын исписэлиистэрин идэҕэ үрдүк таһымнарын, үлэлэригэр эппиэтинэстээх сыһыаннарын уонна куруук бэйэлэрин сайыннара, үөрэнэ сылдьалларын хайҕаатылар. Бастатан туран, эспиэрдэр “эмтэнээччилэргэ ураты сыһыаны” бэлиэтээтилэр, бу реабилитация бырагырааматын эмиэ биир сорҕотунан буолар.
“Институт исписэлиистэрэ биһиэхэ сыл аайы кэлэллэр уонна кинилэр сырыылара куруук туһалаах. Аудит биһиги сулууспабыт үлэтин атын, “сибиэһэй” харахпытынан көрөрбүтүгэр көмөлөһөр. Ону таһынан биир идэлээхтэрбит биһиэхэ улахан методическай көмөнү оҥороллор. Кинилэргэ олус махтанабыт” – диэн Наркология Саха сиринээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа Альбина Сивцева санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: