Саха сириттэн Москваҕа кэнгириэскэ кытыннылар
Сэтинньи 22-26 күннэригэр Москваҕа Эмтэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы сыл аайы ыытыллар кэнгириэстэрэ буолла.
Кэнгириэскэ нефрология ыарыылаахтарга уонна диализ ылааччыларга аналлаах “Нефроклиника” оройуоннар икки ардыларынааҕы килииникэни төрүттээбит Марфа Николаевна Бурцева уонна Хотуйа Святославовна Лаврова, Татьяна Бурнашева кытыннылар.
Марфа БУРЦЕВА:
«Кэнгириэс бырагыраамата олус ыгым: “төгүрүк остуоллар”, симпозиумнар, трениннэр уонна дискуссиялар буоллулар. Биһиги, Саха сириттэн кэлбит дэлэгээссийэ, пленарнай дискуссияҕа кытынныбыт.
Эмтэнээччилэр уопсастыбаларын уонна уопсастыбаннай сэбиэттэрин үлэтин тэрийии боппуруостарынан дискуссия аһылынна. Ону таһынан Максим Загрядскай модератордаах «Доступность и качество медицинских услуг: алгоритмы действий в рамках правового поля с использованием защитных механизмов» кытынныбыт.
Мин быраас уонна уопсастыбанньык быһыытынан, биһиги бастакы сорукпутунан нэһилиэнньэ мэдиссиинэ хаачыстыбалаах көмөтүн ыларыгар көмөлөһүү буоларын өйдүүбүн. Бу бары эмчиттэр бастакы уочараттаах соруктара дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги эмтэнээччилэр доруобуйаларын туһугар үлэлиибит. Доруобуйа харыстабылын сайдыыта, биллэн турар, эмтэнээччигэ туһаланыахтаах.
Маннык тэрээһиннэр эмтэнээччилэрин туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар дьону, уопсастыбынньыктары түмэринэн ордук сыаналаах. Манна уопуттарын атастаһаллар, үөскээбит балаһыанньаҕа юридическай өйөбүл, быраап, эмчит уонна эмтэнээччи хардарыта бииргэ өйөһүүлэрин моделларын дьүүллэһэллэр”, — диэн кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: