Саха сириттэн Москваҕа кэнгириэскэ кытыннылар

Share

Сэтинньи 22-26 күннэригэр  Москваҕа Эмтэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы  сыл аайы ыытыллар кэнгириэстэрэ буолла.

Кэнгириэскэ нефрология ыарыылаахтарга уонна диализ ылааччыларга аналлаах “Нефроклиника” оройуоннар икки ардыларынааҕы килииникэни төрүттээбит Марфа Николаевна Бурцева уонна Хотуйа Святославовна Лаврова, Татьяна  Бурнашева кытыннылар.

Марфа БУРЦЕВА:

«Кэнгириэс бырагыраамата олус ыгым: “төгүрүк остуоллар”, симпозиумнар, трениннэр уонна дискуссиялар буоллулар. Биһиги, Саха сириттэн кэлбит дэлэгээссийэ, пленарнай дискуссияҕа кытынныбыт.

Эмтэнээччилэр уопсастыбаларын уонна уопсастыбаннай сэбиэттэрин үлэтин тэрийии боппуруостарынан дискуссия аһылынна. Ону таһынан Максим Загрядскай модератордаах  «Доступность и качество медицинских услуг: алгоритмы действий в рамках правового поля с использованием защитных механизмов» кытынныбыт.

Мин быраас уонна уопсастыбанньык быһыытынан,  биһиги бастакы сорукпутунан нэһилиэнньэ мэдиссиинэ хаачыстыбалаах көмөтүн  ыларыгар көмөлөһүү буоларын өйдүүбүн. Бу бары  эмчиттэр бастакы уочараттаах соруктара дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги  эмтэнээччилэр доруобуйаларын туһугар үлэлиибит. Доруобуйа харыстабылын сайдыыта, биллэн турар, эмтэнээччигэ туһаланыахтаах.

Маннык тэрээһиннэр эмтэнээччилэрин туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар дьону, уопсастыбынньыктары түмэринэн ордук сыаналаах. Манна уопуттарын атастаһаллар, үөскээбит балаһыанньаҕа юридическай өйөбүл, быраап, эмчит уонна эмтэнээччи хардарыта бииргэ өйөһүүлэрин моделларын дьүүллэһэллэр”, — диэн кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

14 часов ago