Саха сирин нэһилиэктэригэр туристыы барыахпыт дуо?
Самаан сайын саамай үгэннээн турар буолан, уоппуска кэмэ саҕаланан, дьон үксэ ханна сынньана барарын толкуйдаан, быһаарынан сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэ таһыгар
Быйыл Арассыыйа олохтоохторо сүрүннээн дойду соҕуруу уонна киин куораттарыгар сынньанары ордорбуттар. Ол курдук, туристар ордук Краснодарскай кыраай (Сочи, Анапа, Геленджик), Кавминводы (Кавказские Минеральные Воды) куруортара, Крым, Калининградскай уобалас, Москва уонна Подмосковье, Санкт-Петербург, Байкал, Казань, Хотугу Кавказ, Карелия, Горнай Алтай, Дагестан, Хотугу Осетия уонна Чеченскэй Өрөспүүбүлүкэ туһаайыыны тутуспуттар. Кэлиҥҥи сылларга сырыыта судургутунан да, путевка сыаната удамырынан да сэбиэскэй кэминээҕи бырааттыы Беларусь, Казахстан, Узбекистан, Грузия, Армения, Киргизия өрөспүүбүлүкэлэрэ туристары угуйаллар. Омук дойдуларыттан – Таиланд, Монголия, Вьетнам, Кытай, Соҕуруу Кэриэйэ, Турция, Арабскай Эмираттар, Египет.
Урбаан көһө сылдьар мунньаҕа
Саха сирин олохтоохторо кэлиҥҥи сылларга омук сирдэригэр да, дойдуга уустук балаһыанньанан сибээстээн, чугастыы бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр сынньанары ордороллор. Биллэн турар, ырааппакка, чугас сиргэ талаһаллар. Онон Хаҥалас, Горнай, Нам, илин эҥээр улуустар суоллаах-иистээх буолан, саха дьоно үгүстэрэ бу эҥээр бара сатыыр буоллулар. Оттон бу улуустарбыт туристары көрсөргө төһө бэлэмнээхтэрий, сайдыылаахтарый? Бу боппуруоһу дьүүллэһээри, ырытаары ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин уонна СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга туһуламмыт көһө сылдьар мунньаҕы тэрийдилэр. Онно Ил Түмэн туһааннаах сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов, бу кэмитиэт салайааччытын солбуйааччы Ньургуйаана Заморщикова, СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, кини солбуйааччыта Мария Карпова, СӨ ресторатордарын уонна отельердарын «Ыалдьытымсах буолуу» Национальнай ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа,
кэпэрээссийэлээһин уонна пиэрмэрдээһин дэпэртээмэнин салайааччыта Василий Бессонов уонна улуустартан, нэһилиэктэртэн кытыннылар.
“Өрөспүүбүлүкэбит улуустарын аайы нэһилиэктэринэн араас хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрэн истэхпитинэ, бэйэбит өрөспүүлүкэбит туристара соҕуруу куораттарга уонна омук сирдэрдэригэр таласпакка, Саха сирин устун күүлэйдиир, сынньанар кыахтаныахтар этэ”.
Туризмы сайыннарыыны үбүлээһин
Миниистир Тимур Ханды туризм сайдыытыгар туһаайыллыбыт национальнай бырайыак Саха сиригэр олоххо киириитин ырытта.
– Федеральнай бүддьүөттэн 2023-2024 сылларга 269,3 мөлүйүөн солкуобай киирбититтэн 246 мөлүйүөн солкуобайы национальнай бырайыактарга, 23,3 мөлүйүөн солкуобайы аггротуризмы сайыннарыыга тыырбыппыт, – диэн бэлиэтээтэ Тимур Ханды.
Ол эбэтэр урбаан миниистирэ билиһиннэрбит чахчыларыгар сигэнэн, “национальнай бырайыакка” диэн үбүлээһин ханна, туохха көрүллүбүтүн сыыппара чахчытынан ырыттахха маннык: 246 мөлүйүөн солкуобайтан 67, 1 мөл. солк. – 2023 сылга инфраструктураны сайыннарыыга 57 урбаан көҕүлээһинэ үбүлэммит. 148, 9 мөл.солк. 2023-2024 сылларга хапытаалынайа суох түргэнник тутуллар модульнай дьиэни тутууга көрүллүбүт. Бу үбүнэн 19 урбаан тэрилтэтэ туһанан, быйылгы сыл ахсынньытыгар дьону түһэрэр тутуулар олоххо киириэхтэрэ. Уоннааҕы 30 мөл. солк. 2024 сылга инфраструктураны сайыннарыыга көрүллүбүт. Холобурга, Ардур Рудас салайааччылаах “Общепит Медиа” ХЭУо ”Севернай форум” тэрилтэтэ 8 модульнай турист олорор глэмпинг паарканы оҥорон, 1 банкет саалатын тутар, баанньык, тутан, сылга 4500 туриһы аҕалар былааннаах эбит. “Аарыма Турс” ХЭУо салайааччыта Владимир Сыромятников LENA PILLARS турбаазаҕа 10 иккилии миэстэлээх толору хааччыллылаах глэмпиннэри тутан, сылга 4380 туриһы сынньатар былааннаах. Ити курдук кылгастык Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга туһаайыллыбыт үбүлээһин хайдах ороскуоттанарын “сэгэтэн” ыллыбыт. Миниистир Тимур Ханды маныаха сыһыаннаах үгүс холобуру аҕалла.
Тыа сиригэр
Тыа сиригэр чугаһатан билиһиннэрдэххэ, көһө сылдьар мунньаҕы Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева көҕүлээбит буолан, кэпсэтии сүнньүнэн агротуризм хайысхатын сайыннарыы тула барда. Национальнай бырайыакка туһаайыллыбыт үптэн 23,3 мөлүйүөн солкуобай агротуризм салаатын сайыннарыыга тыырыллыбыт. Ол курдук, тустаах министиэристибэ 9 300 000 солкуобайы – Сунтаартан “Подкова на счастье” турбааза салайааччыта Оксана Яковлеваҕа, 7 000 000 солкуобайы – Горнай улууһуттан “Быйаҥнаах” пиэрмэ хаһаайыттара Чемезовтар дьиэ кэргэҥҥэ, 7 000 000 солкуобайы – Бүлүү улууһуттан “Лүксүгүн” пиэрмэ хаһаайыттара Ионовтарга тыыран өйөөбүт.
Онон эдэр баһылык Айталина Васильева сөптөөх кэмҥэ хамсанан, Булганньахтаахха “Тоҥуһай” сайылыкка агротуризмы сайыннарыыга үлэлэһэн эрэр Петровтар дьиэ кэргэннэрин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһааран эрэрэ биһирэниэх тустаах.
Олохтоох хамсаныы
Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга кэлбит туристары көрсөр эппиэттээх дьон, бастатан туран, айылҕа кэрэ көстүүлэрин – Элэһини (Тукулаан), Буотуманы, Бизонарийы, Суруктаах аартыгы, Дириҥ Үрэҕи, Өлүөнэ очуостарын билиһиннэрэ илдьэллэр. Оттон манна барытыгар Булгунньахтааҕынан ааһаҕын. Ол да иһин нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева туристары кэрэхсэтэр сирдэр кинилэргэ баалларын быһыытынан, туризмы сайыннарыыны өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар олохтоохтук туруорсара оруннаах. Эдэр салайааччы урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин салалтатын, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тустаах дэпэртээмэнин, бииргэ үлэлэһэн эрэр Эдэр баһылыктар сэбиэттэрин анаан ыҥыран, Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын тэрийэн, “Тойон” диэн туризмы сайыннарыыга туһуламмыт бырайыагын билиһиннэрдэ.
Бастакы саҕалааһын диэтэххэ, олохтоох хамсаныы. Биллэн турар, элбэхтик сүүрдэххэ-көттөххө, бааргын билиһиннэрэн истэххэ туох эрэ тыас тахсара чахчы.
«НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАККА» ҮБҮЛЭЭҺИН ХАННА, ТУОХХА КӨРҮЛЛҮБҮТЭ СЫЫППАРА ЧАХЧЫТЫНАН
246 мөлүйүөн солкуобайтан 67, 1 мөл. солк. – 2023 сылга инфраструктураны сайыннарыыга 57 урбаан
көҕүлээһинэ үбүлэммит.
148, 9 мөл.солк. 2023-2024 сылларга хапытаалынайа суох түргэнник тутуллар модульнай дьиэни тутууга
көрүллүбүт.
Уоннааҕы 30 мөл. солк. 2024 сылга инфраструктураны
сайыннарыыга көрүллүбүт.
Уопут атастаһыыта
Илья Ильин, Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгин баһылыга:
– Мин быйыл олунньуга тыа сирин түөлбэтин баһылыгынан талыллыбытым. Онон бу тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга туһуламмыт көһө сылдьар мунньахтан үгүһү биллим. Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов туризмы сайыннарыыга граннары суруйар инвесторы булан үлэлэһэн эрэрин сэргии иһиттим. Булгунньахтаах баһылыга Айталина Васильева эмиэ “Тойон” диэн бэртээхэй бырайыагын сэргээтим. Онон өрөспүүбүлүкэбит улуустарын аайы нэһилиэктэринэн араас хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрэн истэхпитинэ, бэйэбит өрөспүүлүкэбит туристара соҕуруу куораттарга уонна омук сирдэрдэригэр таласпакка, Саха сирин устун күүлэйдиир, сынньанар кыахтаныахтар этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: