Саха сирин нэһилиэктэригэр туристыы барыахпыт дуо?

Share

Самаан сайын саамай үгэннээн турар буолан, уоппуска кэмэ саҕаланан, дьон үксэ ханна сынньана барарын толкуйдаан, быһаарынан сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэ таһыгар

Быйыл Арассыыйа олох­тоохторо сүрүннээн дойду соҕуруу уонна киин куораттарыгар сынньанары ордорбуттар. Ол курдук, туристар ордук Краснодарскай кы­­раай (Сочи, Анапа, Геленджик), Кавминводы (Кавказские Минеральные Воды) куруортара, Крым, Калининградскай уобалас, Москва уонна Подмосковье, Санкт-Петербург, Байкал, Казань, Хотугу Кавказ, Карелия, Горнай Алтай, Дагестан, Хотугу Осетия уонна Чеченскэй Өрөспүүбүлүкэ туһаа­йыыны тутуспуттар. Кэлиҥҥи сылларга сырыыта судургутунан да, путевка сыаната удамырынан да сэбиэскэй кэминээҕи быраат­тыы Беларусь, Казах­стан, Узбекистан, Грузия, Армения, Киргизия өрөспүү­бүлүкэлэрэ туристары угуйал­лар. Омук дойдуларыттан – Таиланд, Монголия, Вьетнам, Кытай, Соҕуруу Кэриэйэ, Турция, Арабскай Эмираттар, Египет.

Урбаан көһө сылдьар мунньаҕа

Саха сирин олохтоохторо кэлиҥҥи сылларга омук сирдэригэр да, дойдуга уустук балаһыанньанан сибээс­тээн, чугастыы бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр сынньанары ордороллор.  Биллэн турар, ырааппакка, чугас сиргэ талаһаллар. Онон Хаҥалас, Горнай, Нам, илин эҥээр улуус­тар суоллаах-иистээх буолан, саха дьоно үгүстэрэ бу эҥээр бара сатыыр буоллулар. Оттон бу улуустарбыт туристары көрсөргө төһө бэлэмнээхтэрий, сайдыылаахтарый? Бу боппуруоһу дьүүллэһээри, ырытаары ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэ­тин уонна СӨ урбааҥҥа, эр­­гиэҥҥэ уонна туризмҥа минис­тиэристибэтэ тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга туһуламмыт көһө сылдьар мунньаҕы тэрийдилэр. Онно Ил Түмэн туһааннаах сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов, бу кэми­тиэт салайаач­чытын солбуйааччы Ньургуйаана Заморщикова, СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, кини солбуйааччыта Мария Карпова, СӨ ресторатордарын уонна отельердарын «Ыалдьытымсах буолуу» Национальнай  ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа,
кэпэрээссийэлээһин уонна пиэрмэрдээһин дэпэртээмэнин салайааччыта Василий Бессонов уонна улуустартан, нэһилиэктэртэн кытыннылар.

“Өрөспүүбүлүкэбит улуустарын аайы нэһилиэктэринэн араас хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрэн истэхпитинэ, бэйэбит өрөспүүлүкэбит туристара соҕуруу куораттарга уонна омук сирдэрдэригэр таласпакка, Саха сирин устун күүлэйдиир, сынньанар кыахтаныахтар этэ”.

Туризмы сайыннарыыны үбүлээһин

Миниистир Тимур Хан­ды туризм сайдыытыгар  туһаайыл­лыбыт национальнай бырайыак Саха сиригэр  олоххо киириитин ырытта.

– Федеральнай бүддьүөттэн 2023-2024 сылларга 269,3 мөлүйүөн солкуобай киирбититтэн 246 мөлүйүөн солкуобайы национальнай бырайыак­тарга, 23,3 мөлүйүөн солкуобайы аггротуризмы сайыннарыыга тыырбыппыт, –  диэн бэлиэтээтэ Тимур Ханды.

Ол эбэтэр урбаан миниис­тирэ билиһиннэрбит чахчыларыгар сигэнэн, “национальнай бырайыакка” диэн үбүлээһин ханна, туохха көрүллүбүтүн сыыппара чахчытынан ырыттахха маннык: 246 мөлүйүөн солкуобайтан 67, 1 мөл. солк. –   2023 сылга инфраструктураны сайыннарыыга 57 ур­­баан көҕүлээһинэ үбүлэммит. 148, 9 мөл.солк. 2023-2024 сылларга хапытаалынайа суох түргэнник тутуллар модульнай дьиэни тутууга көрүллүбүт. Бу үбүнэн 19 урбаан тэрилтэтэ туһанан, быйылгы   сыл ахсынньытыгар дьону түһэрэр тутуулар олоххо киириэхтэрэ. Уоннааҕы 30 мөл. солк. 2024 сылга инфраструктураны сайыннарыыга көрүллүбүт. Холобурга, Ардур Рудас  салайааччылаах “Общепит Медиа” ХЭУо ”Севернай форум” тэрилтэтэ 8 модульнай турист олорор глэмпинг паарканы оҥорон, 1 банкет саалатын тутар, баанньык, тутан, сылга 4500 туриһы аҕалар былаан­наах эбит. “Аарыма Турс” ХЭУо  салайааччыта Владимир Сыромятников LENA PILLARS турбаазаҕа 10 иккилии миэс­тэлээх толору хааччыллылаах глэмпиннэри тутан, сылга 4380 туриһы сынньатар былаан­наах. Ити курдук кылгастык Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга туһаайыллыбыт үбүлээһин хайдах ороскуоттанарын “сэгэтэн” ыллыбыт. Миниистир Тимур Ханды маныаха сыһыаннаах үгүс холобуру аҕалла.

Тыа сиригэр

Тыа сиригэр чугаһатан билиһиннэрдэххэ, көһө сылдьар мунньаҕы Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева көҕүлээбит буолан,  кэпсэтии сүнньүнэн агротуризм хайысхатын сайыннарыы тула барда. Национальнай бырайыакка туһаайыллыбыт үптэн 23,3 мөлүйүөн солкуобай агротуризм салаатын сайыннарыыга тыырыллыбыт. Ол курдук, тустаах министиэрис­тибэ 9 300 000 солкуобайы –  Сунтаартан “Подкова на счас­тье” турбааза салайааччыта Оксана Яковлеваҕа,  7 000 000 солкуобайы – Горнай улууһуттан “Быйаҥнаах” пиэрмэ хаһаа­йыттара Чемезовтар дьиэ кэргэҥҥэ,  7 000 000 солкуобайы – Бүлүү улууһуттан “Лүксүгүн” пиэрмэ хаһаайыттара Ионовтарга тыыран өйөөбүт.

Онон эдэр баһылык Айталина Васильева сөптөөх кэмҥэ хамсанан, Булганньахтаахха “Тоҥуһай” сайылыкка агротуризмы сайын­нарыыга үлэлэһэн эрэр Петровтар дьиэ кэргэннэрин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһааран эрэрэ биһирэ­ниэх тустаах.

Олохтоох хамсаныы

Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга  кэлбит туристары көрсөр эппиэттээх дьон, бастатан туран, айылҕа кэрэ көстүүлэрин – Элэһини (Тукулаан), Буотуманы, Бизонарийы, Суруктаах аартыгы, Дириҥ Үрэҕи, Өлүөнэ очуос­тарын билиһиннэрэ илдьэллэр. Оттон манна барытыгар Булгунньахтааҕынан ааһаҕын. Ол да иһин нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева турис­тары кэрэхсэтэр сирдэр кинилэргэ баалларын быһыытынан, туризмы сайыннарыыны өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар олохтоохтук туруорсара оруннаах. Эдэр салайаач­чы урбаан, эр­­гиэн уонна туризм министиэрис­тибэтин салалтатын, тыа хаһаа­йыстыбатын министиэрис­тибэтин тус­таах дэпэртээмэнин, бииргэ үлэлэһэн эрэр Эдэр баһылык­тар сэбиэттэрин анаан ыҥыран, Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын тэри­йэн, “Тойон” диэн туризмы сайыннарыыга туһуламмыт быра­йыагын билиһиннэрдэ.

Бастакы саҕалааһын диэтэххэ, олохтоох хамсаныы. Биллэн турар, элбэхтик сүүрдэххэ-көттөххө, бааргын билиһиннэрэн истэххэ туох эрэ тыас тахсара чахчы.

«НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАККА» ҮБҮЛЭЭҺИН ХАННА, ТУОХХА КӨРҮЛЛҮБҮТЭ СЫЫППАРА ЧАХЧЫТЫНАН
246 мөлүйүөн солкуобайтан 67, 1 мөл. солк. – 2023 сылга инфраструктураны сайыннарыыга 57 урбаан
көҕүлээһинэ үбүлэммит.

148, 9 мөл.солк. 2023-2024 сылларга хапытаалынайа суох түргэнник тутуллар модульнай дьиэни тутууга
көрүллүбүт. 

Уоннааҕы 30 мөл. солк. 2024 сылга инфраструктураны
сайыннарыыга көрүллүбүт.

Уопут атастаһыыта

Илья Ильин, Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгин баһылыга:

–  Мин быйыл олунньуга тыа сирин түөлбэтин баһылыгынан талыллыбытым. Онон бу  тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга туһуламмыт көһө сылдьар мунньахтан үгүһү биллим. Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов туризмы сайыннарыыга граннары суруйар инвесторы булан үлэлэһэн эрэрин сэргии иһиттим. Булгунньахтаах баһылыга Айталина Васильева эмиэ “Тойон” диэн бэртээхэй бырайыагын сэргээтим. Онон өрөспүүбүлүкэбит улуустарын аайы нэһилиэктэринэн араас хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрэн истэхпитинэ, бэйэбит өрөспүүлүкэбит туристара соҕуруу куораттарга уонна омук сирдэрдэригэр таласпакка, Саха сирин устун күүлэйдиир, сынньанар кыахтаныахтар этэ.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

29 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago