Саха сирин нэһилиэнньэтэ төһө буолла?

Share

Сахастат тэрилтэ, Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн Саха сиригэр нэһилиэнньэ ахсаанын туһунан рейтинг оҥорбута. Ол туһунан Сахастат пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 445 муниципальнай тэриллии баар. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар барыта 5 тыһыынча киһи үлэлии-хамныы сылдьар. Кинилэр дьон олоҕо тупсарын туһугар усулуобуйа оҥорор сыаллаах үлэлииллэр.

Ол курдук Саха сиригэр 2023 сыл саҥатыгар 997,6 тыһ. киһи олороро диэн статистика дааннайынан суруйаллар. Олортон нэһилиэнньэ үс гыммыттан улахан аҥаара –  378,5 тыһыынча киһи киин куоракка олороро бэлиэтэммит. Киһитин ахсаанынан иккис миэстэҕэ Мииринэй оройуона сылдьар, онно 71,3 тыһыынча киһи олорор. Киин оройуоннартан саамай элбэх нэһилиэнньэлээҕинэн – 34,4 тыһыынча киһилээҕинэн Хаҥалас оройуона ааттаммыт.  Арктика зонатыгар Саха сирин 6,5% нэһилиэнньэтэ олорор. Манна саамай элбэх киһилээҕинэн (10,0 тыһыынча) Үөһээ Дьааҥы оройуона буолар эбит. Оттон аҕыйах киһилээх Аллайыаха оройуона  (2,3 тыһыынча).

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

4 часа ago