30 сыл анараа өттүгэр Дьокуускайдааҕы оҕо балыыһатын баазатыгар 15 куойка миэстээлээх психоневрологическай патологияны кытта оҕолору чөлүгэр түһэрэр уонна реабилитациялыыр отделение тэриллибитэ. Бу кэннэ Саха сиригэр оҕолору чөлүгэр түһэрэр уонна реабилитациялыыр үлэни ыытыы саҕаланыытынан ааҕыллар.
Ааспыт сыллар усталарыгар оҕону реабилитациялыыр сулууспа үлэлиирин устата элбэх түгэн буолан ааспыта эрээри, бары тургутууну эрэллээхтик толорон, саҥа уопуту, сатабылы ылан, инники диэки эрэллээхтик баран иһэр.
Билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитациялыыр уонна успуорт мэдиисиинэтин киинигэр стационардар бары суукканы быһа эбэтэр күнүскү өттүгэр үлэлииллэр. Амбулаторнай усулуобуйаҕа оҥону реабилитациялыыр өҥөнү оҥоруу эмиэ кэҥиир.
«Биһиги тэрилтэбитигэр оҕону реабилитациялыыр суукканы быһа үлэлиир 50 куойка миэстэлээх уонна 2 симиэнэнэн 60 куойка күнүскү стационарга үлэлиир салаалардаах.
Отделениелар аныгы мэдиссиинэ оборудованиеларынан толору хааччыллыылаахтар, сыллата физиотерапиянан, физкултууранан, механотерапиянан, психолого-педагогическай коррекциянан эмтиир оҕону реабилитациялыыр саҥа технологиялар күүскэ олоххо киирэллэр. Кэнники сылларга былаан быһыытынан идэтийбит каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, реабилитологтары, реабилитациялыыр мэдиссиинэ сиэстэрэлэрин, ол иһигэр оҕо реабилитациялааһынын боппуруостарыгар араас үөрэтэр сэминээрдэри ыытабыт», – диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитациялыыр уонна успуорт мэдиссиинэтин киинин кылаабынай бырааһын солбуйааччыта Мария Говорова кэпсээтэ.
Саха сирин мэдиссиинэ тэрилтэлэринэн 2023 сылга барыта 3784 оҕо реабилитацияны аастылар. Сыллата доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор 18 %-ра реабилитациялааһын отделениеларыгар күннэтэ эмтэнэллэр, биир кэлим реабилитациялыыр уонна психолого-педагогическай коррекцияны оҥоруу өҥөлөр көрүҥнэрин толору кээмэйинэн туһаналлар.
2022 сылтан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр реабилитациялааһын өҥөтө оҥоһуллар. Маннык көмөнү барыта 125 киһи туһанна, ол иһигэр 17 сааһыгар диэри саастаах 71 оҕо. Оҕолору эмтээһин сүрүн хайысхатынан ньиэрбэ, соматическай, сүһүөх ыарыылары реабилитациялааһын буолар.
Саха сиригэр реабилитациялааһын тиһигин сайыннарыыга сүрүн докумуонунан СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан бигэргэммит «Оптимальная для восстановления здоровья медицинская реабилитация на 2022-2030 годы» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама буолар.
Бу бырагырааманы олоххо киллэрии нэһилиэнньэҕэ реабилитациялааһыны оҥоруу боппуруостарыгар кэккэ кыһалҕалары быһаарар кыаҕы үөскэтэр. Ол реабилитациялааһын отделениеларын толору хааччыйыы, каадырдары бэлэмнээһин, мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтии буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…