Саха сирин оҕолоро – «Рождественские звезды» кыайыылаахтара

Share

Бу күннэргэ Москваҕа «Рождественские звезды» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкурус буолан ааста. Бу бэстибээл сыл аайы тохсунньу саҥатыгар саҕаланар уонна араас эрэгийиэннэртэн үс тыһыынча кэриҥэ талааннаах оҕону түмэр.

Оҕолор дойду тэбэр сүрэҕэр бэстибээлгэ кытта таарыйа Кириэмил харыйатыгар, циркэҕэ, «Москвариум» океанография уонна муора биологиятын киинигэр, о.д.а. сылдьаллар. Саха сирин оҕолоро сыл аайы онно эмиэ кытталлар.

Ол курдук Нам улууһун Партизан нэһилиэгин оҕолоро дойду тэбэр сүрэҕэр ыытыллыбыт бэстибээл-күрэххэ кыттан кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Хомус ансаамбылын иитиллээччилэрэ «Рождественские звезды-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ саха хомуһун дьүрүһүтэн көрөөччүлэр, дьүүллүүр сүбэ киэҥ сэҥээриитин ыллылар. Өссө биир ситиһиинэн – кыайыылаах оҕолору чыпчаалга сирдээбит салайааччы Вера Николаевна Гаврильева «Педагогическая Ника» үрдүк аат туттарылынна.

Саха сириттэн Таатта улууһуттан «Дьиэрэҥкэй» образцовай үҥкүү бөлөҕө эмиэ «Рождественские звезды-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ыллылар.

Бу бөлөҕү Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Семен Дмитриевич Андросов салайар.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

17 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

48 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

1 час ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

2 часа ago