Хаартыска: SakhaGov
От ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуурга уонна сиринэн умайыы бэлиэтэммэтэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал штаба суруйар.
Тэҥнээн эттэххэ, ааспыт сыл бу кэмигэр уопсайа 326940,1 гектардаах 115 ойуур баһаара баара.
Быйылгы сезон саҕаланыаҕыттан 62 962,85 га иэннээх сиргэ 339 ойуур баһаарын тохтоттулар. Ол иһигэр ойуур пуондатын сиригэр – 154.
Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаары утары ураты эрэсиим олохтоммута. Маны сэргэ сирдээҕи-уоттааҕы баһаары утары эрэсиими Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар, ону тэҥэ Жатай куораттааҕы уокуругар олохтоотулар.
Сезон саҕаланыаҕыттан тыаҕа уот туруутугар буруйдаах 55 киһини булан, баһаартан кутала суох буолуу быраабылатын кэһиигэ 133 боротокуол толорулунна.
Ойуурга уот турбутун көрдөххүтүнэ суһаллык ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар биллэриҥ: +7 (4112) 44-74-76. Ону тэҥэ ойуур харыстабылын биир кэлим нүөмэригэр: 8-800-100-94-00.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, аам даам тымныы күүһүрэн турдаҕына, Мэҥэ Хаҥалас күнүгэр аналлаах Оһуокайга ыччаттар…
Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…
Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…
Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…
Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…
Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…