Саха сирин олохтооҕо Дьокуускайга баар Владимир Путины өйүүр уопсастыбаннай приемнай ыстаабыгар кэлэн, өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи рейстэри чэпчэтэр туһунан санаатын эттэ. Кини нэһилиэнньэни кытта үлэлиир волонтердарга бу этии суолталааҕын кэпсээтэ.
Билигин Саха сиригэр 14 хайысханан чэпчэтиилээх сыананан билиэттэри атыылаһыахха сөп — өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар. Бу чэпчэтиинэн олорор сирдэриттэн арктическай нэһилиэнньэлээх пууннарыгар көтөр эбэтэр төттөрү кэлэр буоллахтарына РФ гражданнара туһаналлар. Итиэннэ «Земскэй дуоктар», «Земскэй биэлсэр» уонна «Земскэй учуутал» бырагырааманан арктическай сэлиэнньэлэргэ үлэлии барбыт дьон туһаныахтарын сөп.
Саха сирин олохтоохторо Владимир Путины өйүүр уопсастыбаннай приемнай ыстаабыгар көхтөөхтүк кэлэн санааларын этэллэр. Бу ыстаап ааспыт сыл ахсынньытыттан үлэлиир.
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…