Хаартыска: "Алмаасэргиэнбаан" пресс-сулууспата
Сэтинньи 8-10 күннэригэр Москваҕа буолбут FINOPOLIS диэн Инновационнай технологиялар пуорумнарыгар «Алмаасэргиэнбаан» «Саха сирин олохтооҕун каартата» («Карта жителя Якутии») диэн бородууксуйата улахан сэҥээриини ылла. Арассыыйа Баанын хотуна Эльвира Набиуллина кэлэн, көрдө-иһиттэ.
«Саха сирин олохтооҕун каартата» — бу «Алмаасэргиэнбаан» уонна СӨ бырабыыталыстыбатын кыттыгас бырайыактара. Бу бырайыак дьоҥҥо социальнай өҥөлөрү оҥорууну чэпчэтэр уонна бырабыыталыстыба үлэһиттэригэр ырытыылаах отчуоттары тиэрдэр буолан, эрэгийиэни салайыыга быһаарыныы ылыналларыгар көмөлөһөр. «Алмаасэргиэнбаан» хамаандата пуорумҥа бырайыагын көмүскүүрүгэр ити икки сүрүн соругу ыйдылар.
— Биһиги бу бырайыакпытыгар өссө саҥа, ураты сервистэри киллэриэхпит, холобур, СӨ бырабыыталыстыбата сорох өҥөнү оҥорууга «кэшбек» киллэриэн уонна сервис нөҥүө араас тэрээһиннэргэ чэпчэтиилээх билиэттэри атыылаһар кыаҕы биэриэн сөп, — диэн баан бородуукталарын, сервистэрин департаменын салайааччы Дмитрий Скворцов эттэ.
Онон бу социальнай хайысхалаах каарта өссө сайдан, өҥөнү оҥоруута кэҥээн иһэригэр баҕарабыт. Билигин бу каартанан туһанан, оптуобуска 28 солкуобайга айанныахха, маҕаһыыннарга атыылаһан баран, «кэшбек» харчыны төнүннэриэххэ сөп.
Норуот дьокутааттара алтынньы 27 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ 33-с Федеральнай сокуон иитинэн бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох бэйэни салайыныы сокуонун…
Саха сириттэн алта устудьуон Москваҕа алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 2 күнүгэр диэри ыытыллар инбэлииттэр уонна…
Ньурба оройуонун суута олохтоох киһини өлөрүүгэ буруйдааҕын билинэн, бириигэбэр таһаарда. Быһылаан бу сыл атырдьах ыйыгар…
Саха сиригэр -40С кыраадыска тиийэ тымныйыа. Гидрометеосулууспа иһитиннэрэринэн, алтынньы 30 күнүгэр түүн хотугулуу-илин намыһах сирдэринэн…
Ааспыт суукка устата Дьокуускайга эмсэҕэлээччитэ суох 7 суол быһылаана таҕыста. Бу туһунан киин куораттааҕы Госавтоинспекция…
Бэтэринээрийэ управлениетын дааннайынан, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 3164 хаһаайына суох кыыл тутулунна. Өссө 137-тэ — приюттарга…