Бүгүн, муус стар 27 күнүгэр, үгэс быһыытынан, Өрөспүүбүлүкэ төрүттэниитигэр төһүү күүс буолбут биллиилээх уопсатыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков пааматынньыгар Саха сирин олохтоохторо сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
— Муус устар 27 күнэ — өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕун бырааһынньыга. Бу күн Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ уонна Конституцията ылыныллыбыта. Бүгүн бар дьон иннигэр этэбит, биһиги бүгүн чиэс биэрэр дьоммут баар буоланнар Арассыыйа күүстээх, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ бүттүүн Степан Максимович Аржаков 125 сылын көрсөргө бэлэмнэнэр. Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан, Степан Аржаковка анаммыт тэрэһиннэри сүрүннүүр тэрийэр бөлөх үлэтин саҕалаабыта. Сергей Винокуров: «Степан Аржаков Москваҕа Наркомакка Саха сирин салаатын салайбыта. 1921 сыллаахха кини Наркомнац кэллиэгийэтигэр Саха сирин уобалаһын автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан оҥорорго дакылааттаах тахсыбыта», — диэн эттэ.
Миитин кыттыылаахтарын Ил Түмэн сүбэ мунньаҕын сис кэмитиэтин сир сыһыаннаһыытыгар уонна айылҕа ресурсатын, экологияҕа бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова эҕэрдэлээтилэр.
Степан Аржаков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөлөрүн норуот дьокутааттара, Саха сирин бырабыыталыстыбатын чилиэттэрэ, СӨ Аҕа баһылыгын дьаһалтатын уонна Дьокуускай куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай палаата үлэһиттэрэ, куорат Дууматын дьокутааттара, Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэллэрэ, ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ ыччата кыттыыны ылла.
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…