Салгыы
Саха сирин олохтоохторо миэдиктэри кытта Telegram нөҥүө сибээстэһэр кыахтаахтар

Саха сирин олохтоохторо миэдиктэри кытта Telegram нөҥүө сибээстэһэр кыахтаахтар

31.07.2024, 12:00
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

«ЗдравКонтроль» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр 2023 сыл кулун тутарыттан ыарыһахтар миэдиктэри кытта наадаларын быһаарсалларыгар анаан анал чааттар тэриллибиттэрэ.

Билигин Telegram мессенджер «Якутск. Здоровье» уонна «Саха. Здоровье» мэдиссиинискэй чааттарыгар 5 тыһ. тахса киһи баар.

“Мэдиссиинискэй чааттар көмөлөрүнэн дьон интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруй ылаллар. Балыыһалар исписэлиистэрэ суһаллык киирбит ыйытыыларга хоруйдаан иһэллэр”, — диэн бэлиэтээтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.

«Саха. Здоровье» чаакка Дьокуускайга баар мэдтэрилтэлэртэн уратылар бары холбоно сылдьаллар.  Оттон киин куоракка баар мэдтэрилтэлэр «Якутск. Здоровье» чат нөҥүө эн ыйытыыгар хоруйдуохтара.

Мэдчааттар көмөлөрүнэн, дьон хас да кыһалҕаттан куотунар: быраастарга суруттаран баран өр күүтүүттэн, бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы уустугуттан, этика уонна деонтология кэһиллиититтэн, төлөбүрдээх өҥөнөн туһаннара сатааһынтан, консультацияҕа уонна бэрэбиэркэҕэ ыытыы суоҕуттан, о.д.а.

Мэдчаакка бэнидиэнньиктэн субуотаҕа диэри 08:00 чаастан 20:00 чааска диэри суруйан ыйыталаһыаххытын сөп.

Мэдчааттарга маннык сигэлэринэн киирэҕит:

https://clck.ru/33jApz — «Якутск. Здоровье» (Дьокуускайга баар медтэрилтэлэр);

https://clck.ru/33jAq2 — «Саха. Здоровье»

Чааттарга диагноһы туруоруу, мэдиссиинискэй мэктиэлээһиннэр, эми анааһын, төлөбүрдээх өҥө сыаната, балыыһаҕа киллэрии, суһал көмөнү ыҥырыы курдук ыйытыылар көрүллүбүттэр.

«ЗдравКонтроль» федеральнай бырайыак сүрүн сыала – ыарыһах мэдтэрилтэни кытта быһа кэпсэтиитин тэрийии, ол эбэтэр мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбатын үрдэтии буолар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: